2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Үйэ оҕолоро» сыаллаах хапытаал кээмэйэ 110 775 солк буолуоҕа. Ол туһунан социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччыта Елена Теплякова эттэ, суруйар ЯСИА.
«Сыаллаах хапытаал сууматын үрдэтии сылын аайы көрүллэр. 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн кээмэйэ 110 775 солк буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сорудаҕынан хапытаал биэс сыл устата үлэлиэҕэ, ол эбэтэр 2027 сылга диэри», — диэтэ Елена Теплякова.
Регионнааҕы сыаллаах хапытаалы 20 345 ыал ылла. Үгүс ыал харчыларын олорор дьиэлэрин тупсарыыга уонна тырааныспар ылыытыгар тутталлар.
This post was published on 26.12.2023 09:31 09:31