Таатта улууһун Баайаҕатыгар Моҕол Ураһа аһыллара бу тигинээн кэллэ. Бүттүүн өрөспүүбүлүкэнэн Моҕол Ураһа тутуутугар дьон көмөтө, санаата кэлбитэ сөҕүмэр. Бу күннэргэ төрүт култуура байыаһа, СӨ культуратын туйгуна, “Өбүгэ үгэһэ” уопсастыбаннайй хамсааһын салайааччыта, төрүт иискэ элбэх бырайыак ааптара Изабелла Иннокентьевна Элякова – Илгийээнэ дьонугар дьоһун бэлэҕи оҥордо, суруйар ulus.media.
Изабелла Иннокентьевна Моҕол ураһа хаппахчытыгар таҥас тигэр.
«Хас да сылы быһа туруорсан, эккирэтиһэн, бу аҕыйах хонуктааҕыта «Сахабулт» тэрилтэттэн аҕалтаран, кийиит кыыс хаппахчытын маанылаах таҥаһын кыһыл саһыл, бөрө тириилэриттэн тигэн бүтэрэр дьүккүөргэ олоробун. Бу суорҕаннар суолталара, ис хоһоонноро дириҥин, ыраахтан силистээҕин-мутуктааҕын өйдөөннөр, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэри солбуйааччы М.В.Степанова көмөтүнэн матырыйааллары буллубут. Маны таһынан ийэм, норуот маастара Анна Николаевна Акимова айбыт аҕатын бөрө суорҕанын оҕо сылдьан көрөн, ону өйүгэр хатаан хаалбытын кэпсээбитинэн, быһаарбытынан, тойон киһи эрэ саптар сукуна тастаах бөрө суорҕанын тигиэхтээхпин. Бу күннэргэ бүтэрэ охсоору уонтан тахса чаас олорон иистэнэ сылдьабын. Баҕа санаа хоту табыллара буоллар, ураһа оронун таҥастарын былыргылыы тигэр киһи бэрт буолуох этэ. Ону таһынан бэйэм үппүнэн хас эмэ сылы быһа мунньан 130 куобах тириитин имитэн, таҥастаан, аттаран куобах уорҕата, тииҥ кутуруга кыбытыылаан, саҕалаах икки киһи саптар суорҕанын тиктим. Чыллырҕастаах кийиит сыттыгын дьиҥ сарыыттан, сукуна кытыылаах, оҕуруо күрүөлээх гына тигэн бүтэрдим», — диэн кини кэпсээтэ.
This post was published on 22.09.2020 16:01 16:01