25 Сэтинньи 25.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

“Иза уонна Лиза” саҥа сериал "Саха" национальнай хампаанньа ханаалыгар ахсынньы 2 күнүттэн көстөр

11:43, 05 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу бэнидиэнньиктэн “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа “Иза уонна Лиза” диэн саҥа сериалы көрдөрөн саҕалаата. Бу иннинэ суруналыыстары түмэн, бастакы сериятын көрдөрдүлэр.


Быйылгыттан хампаанньа үлэтигэр сериаллары уһулууга уонна көрдөрүүгэ улахан болҕомтолорун ууран, саҥа соруктары ылыннылар. Саҥа продюсерскай киин уонна сериал сулууспата тэриллибит. Сылга 6-7 сериалы устан көрдөрөргө былааннаналлар. Онон мантан ыла үлэ чааһын кэнниттэн үүттээх чэйи иһэ-иһэ сахалыы араас сериаллары көрөр буолуохпут. Сериаллар бэнидиэнньиктэн чэппиэргэ диэри көстүөхтэрэ. Ону баттаһан көрбөтөх дьон өрөбүл күн хатылааһыны, түөрт серияны субуруччу көрүөхтэрин сөп.

Бу сериал барыта 38-тыы мүнүүтэлээх 16 сериялаах.

“Иза уонна Лиза” сериал аныгы олоҕу көрдөрөр. Манна оскуола олоҕо, улаатан эрэр оҕолор бэйэ-бэйэлэрин, төрөппүттэрин кытары сыһыаннара, уопсастыба кыһалҕалара, баай-дьадаҥы диэн арахсыы, тылы, сиэри сүтэрии, уо.д.а. көстөр. Уһуллуута тупсаҕай, тыаһа-ууһа, муусуката барыта “тып-тап” курдук табыллан, киһи кэрэхсии көрөрүгэр, сынньанарыгар анаммыт курдук.

Сценарийын суруйааччы Дана Сард суруйда, режиссердар Саймон Сергеев уонна Радомира Афанасьева, продюсердар Сардаана Омукова, Евгения Арьянова, толорооччу продюсер Алена Антонова. Сүрүн оруолларга “Айыы кыһатын” үөрэнээччитэ Люба Сизых, Национальнай гимназия үөрэнээччитэ Юлия Хомподоева уонна  Василий Миронов, Евдокия Семенова, Александр Борисов, Сардана Лыткина, Домна Уйгурова оонньоотулар. Бу сайын артыыстары талар кастинг буолбута. Онно киинэҕэ уһуллуохтарын баҕарар дьон кэлэн, тургутууну ааспыттара. Холобур, Орто Халыматтан учуутал Евдокия Ефимова уоппускатыгар кэлэ сылдьан, баҕа санаатын толорон, биир ийэ оруолугар уһуллубута.

НКИХ үлэһиттэрэ бэйэлэрэ эмиэ, дириэктэртэн саҕалаан, муоста сууйааччыга тиийэ, уһуллубуттар. Сүрүннээн Национальнай гимназияҕа устубуттар, үөрэнээччилэр уонна учууталлар көхтөөх кыттыыны ылбыттар. Онон идэлээх артыыстары кытары көннөрү дьон уһуллубуттара, сериал уратытынан буолар. “Эсолог” маҕаһыын үлэтин тохтотон туран, сериал уһулларыгар көмөлөспүттэр. “Икки-үс күнүнэн бүтүөхтэрэ дии санаабыппыт, икки ыйы быһа, эбиэккэ диэри сабылларга күһэллибиппит, — диэн маҕаһыын дириэктэрэ күлэр. – Ол эрээри, маннык бырайыакка кыттыспыппытыттан үөрэбит эрэ”. Ону сэргэ, “Утум+” тэрилтэ спонсор быһыытынан өйөөбүт.

Олег Колесов-Талбан, телевидение дириэктэрэ:

—Сериалы уһулуу улахан үлэттэн тахсар. Оннооҕор мин аҕыйах эпизодка элэҥнээри, күнү быһа уһуллан, ону барытын бэйэм эппинэн-хааммынан биллим. Хас да сиргэ уларыта сылдьан, оскуолаҕа, маҕаһыыҥҥа, дьиэҕэ устуу – манна барытыгар дьону кытары кэпсэтии, сөбүлэһиннэрии, дьиэни, тээбириннэри булуу элбэх сыраны эрэйэр. Ол эрэн, продюсердар уонна режиссердар тэрээһин үлэтин барытын кыайа тутан, үрдүк таһымнаах киинэни уһулан, дьоҥҥо утары ууннулар дии саныыбын.

Дана Сард, суруйааччы:

—Сериаллары дьон наһаа көрөр эбит. Оннооҕор, тэрилтэҕэ наадабынан киирбиппэр, үлэһиттэр тутан ылан, тута пресс-кэмпириэнсийэ курдук оҥорон сөхтөрбүттэрэ. Биллэн турар, суруйар кэмҥэ атын, киинэҕэ хартыына курдук көрөр букатын атын. Артыыстар кыраһыабайдарын, оруолларыгар сөп түбэһэллэрин бэлиитиибин. Муусуката сүрдээҕин киэргэтэр эбит.   “Сахалыы саҥарар оҕо аҕыйаабыт” Продюсердар киин куоракка сахалыы ыраастык саҥарар оҕо аҕыйаабытын бэлиэтээтилэр. Арай, сахалыы эйгэлээх, төрөөбүт тылынан үөрэтэр, тарбахха баттанар ахсааннаах гимназиялар оҕолоро куонкуруска хапсан, сүрүн оруолларга уһуллубуттар. “Сахалыы үөрэппэтэххэ, сотору оҕолорбут букатын саҥарбат буолууһуктар”, — диэн эппиттэрин дьиксинэ иһиттибит.

Алла Евсеева, Национальнай гимназия төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

—“Саха” НКИХ саамай сөптөөх суолу тутуспут. Куорат сиргэ тылы үйэтитии улахан кыһалҕа буоларын, тыын суолталааҕын сотору бары да өйдүөхпүт. Биһиги оскуолабытыгар киинэ усталлар үһү диэн сураҕы истэн, наһаа үөрбүппүт. Режиссер оҕолору кытары кылааска саптан кэбиһэллэр, тугу гыналларын билбэппит, онон төрөппүттэр долгуйар этибит. Оҕолорбутун киинэҕэ, тэлэбиисэргэ көрөн, наһаа үөрдүбүт.

Евдокия Ефимова, Орто Халыма:

—Мин саха тылын учууталынан 32 сыл үлэлээтим. Онон оҕо уйулҕатын билэбин. Аныгы кэмҥэ саамай сөптөөх кыһалҕаны таарыйбыттар – ыччакка Киһитийии, киһилии Киһи буолуу кыһалҕата турар дии саныыбын. 10-11-с кылаас оҕолоругар сөптөөх киинэ буолбут. Оскуолаларга кылаас чаастарыгар бу киинэни ырытыһыы буолуон сөп эбит. Хас биирдии оҕо: “Мин хайдах гыныам этэй?”, “Лиза сөпкө гынна дуо?”, о.д.а. ыйытыыларга хоруйдаан, бэйэтин тургутан көрүөн сөп. Төрөппүт даҕаны киинэни көрөн баран, бэйэтин оҕотун сөпкө иитэ сылдьарын туһунан толкуйга түһүөн сөп. Онон аныгы олох кыһалҕаларын таарыйар, толкуйдатар, социальнай хабааннаах киинэ диэн көрдүм.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА