Иван Ярыгин Кубогар кыттар Саха сирин састааба билиннэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ярыгин турнирыгар кыттар Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар кимнээх киирбиттэрэ билиннэ. Күрэхтэһии Красноярскайга тохсунньу 24 — 28 күннэригэр буолар.

Элбэх кыттааччы 57 кг диэри киириэҕэ. Көбүөргэ тахсыахтара Александр Авелов, Любомир Ашеин, Уйгулаан Иванов, Лев Павлов, Фёдор Постников, Артём Слепцов.

Юлиан Григорьев, Пётр Константинов, Андрей Мидловец (61 кг), Дьулусхан Тотонов (65 кг), Владимир Бояновскай, Константин Капрынов, Айсен Потапов, Олег Фомин (70 кг), Николай Сивцев (74 кг), Роман Николаев (79 кг), Ньургун Сергин, Максим Толмачёв (92 кг) уонна Никита Хабаров (125 кг) кытталлар.

Белоруссия хамаандатыттан киирсэн, аан дойду чемпионатын боруонса призера, Саха сириттэн төрүттээх Арыйан Тютрин (57 кг) кыттар. Бу хамаандаҕа Андрей Бекренев (61 кг) уонна Ньургун Скрябин (65 кг) бааллар.

Саха сириттэн дьахталлар эмиэ көбүөргэ тахсыахтара — Александра Карамзина, Александра Копылова (50 кг), Севиль Назарова (55 кг), Светлана Васильева, Евгения Огородникова (59 кг) уонна Лилиана Рожина (68 кг).

Сүүмэрдэммит хамаанда Красноярскайга спортивнай тустууга кылаабынай тренер э.т. Вадим Семёнов салайыытынан барар.

Бырагырааманы кытта манна билсиҥ https://ysia.ru/opredelyon-sostav-sbornoj-yakutii-na-kubok-ivana-yarygina/

This post was published on 17.01.2024 16:01 16:01