Иван Мигалкин Матта оҕолоругар хоһоон аахта

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр Дьокуускайтан суруйааччылар бөлөхтөрө оскуола оҕолоругар «Кинигэ – история кэрэһитэ» диэн кэпсэтии оҥордулар. Иван Мигалкин: «Саха норуота – ааҕар норуот. Ол да иһин, сүүһүнэн кинигэ оҥоһуллар, хаһыат, сурунаал арааһа тахсар. Оҕолор да өйдөрүн туттахтарына ааҕыахтара. Ол иһин, бары көмөлөөн, ордук төрөппүттэр, ааҕыыны хайысхалыаххытын наада», – диэн сүбэлээтэ.


Суруйааччылар оҕолорго бэйэлэрин айымньыларын, үлэлиир хаһыаттарын, сурунаалларын туһунан кэпсээтилэр. Айымньыларыттан быһа тардыылары аахтылар. Иван Мигалкин оҕолорго аналлаах хоһооннорунан кырачааннары сэргэхсиппитигэр учууталлар ис сүрэхтэн махтаннылар. Лира Черова Национальнай библиотека А.Пушкин хоһооннорун өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр дьоно ааҕыылара уһуллубут киинэтин көрдөрдө.

Маттатааҕы култуура-спорт комплексыгар нэһилиэнньэни кытары көрсүһүү буолла. Быыстапкаҕа куораттан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит ааптардар Л.С. Аргунова, Е.А. Захаров, В.Е. Захарова, В.Р. Гоголева, А.Р. Бочкарева кинигэлэрэ туруоруллубуттар. Манна сыһыаран эттэххэ, Литература сылыгар 12 олохтоох ааптар кинигэтэ күн сирин көрбүтэ киһи-аймах хайдахтаах да кэмнэргэ төрүччүтүгэр төннөн, ону үөрэтэн уонна үйэтитэн атыттары көҕүлүүрэ көһүннэ.

Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, народнай поэт Иван Мигалкин, «Чолбон» сурунаал редактора, прозаик Данил Макеев, «Чолбон» сурунаал кириитикэҕэ отделын редактора Иван Осипов-Ойуур, Национальнай библиотека маркетиҥҥэ уонна литератураны тарҕатар отдел сэбиэдиссэйэ Лира Черова кытыннылар.

This post was published on 17.03.2016 16:20 16:20