Саха Өрөспүүбүлүкэтин офтальмологическай клиническэй балыыһата күннэтэ 50-тэн тахса эпэрээссийэни оҥорор. Бу туһунан мэдэссиинэ тэрилтэтин кылаабынай бырааһа Иван Луцкан Аан дойдуга офтальмология күнүн чиэһигэр, социальнай ситимнэргэ быһа эфир кэмигэр кэпсээтэ.
Кылаабынай быраас этэринэн, тас дойдулар санкцияларын үрдүнэн, офтальмологическай балыыһа ыстаатынай режиминэн үлэлии турар, кулун тутар ыйтан биир да эпэрээссийэни тохтоппотулар.
«Эпэрээссийэҕэ наадалаах матырыйааллар балыыһаҕа кэлэ тураллар. Сорох эмптэри атын сиртэн солбуйабыт, саамай кылаабынайа, хаачыстыба мөлтөөбөтүн туһугар кыһаллабыт. Барыта этэҥҥэ табыллан иһэр», — диэн Луцкан иһитиннэрдэ уонна балыыһаҕа сыл бүтүөр диэри эмп саппааһа баарын бэлиэтээтэ.
«Биһиги ыарыһахтарбытын эмтииргэ наадалаах эмп баарын мэлдьи кэтээн көрөбүт, биллэн турар, баар буолла эрэ тута ыла сатыыбыт. Барытын эрдэттэн атыылаһа сатыыбыт, онон билигин Арассыыйатааҕы да тас дойдулартан киирии эмп саппааһа сыл бүтүөр диэри тиийэр», — диэн эбэн эттэ кылаабынай быраас.
This post was published on 09.08.2022 13:01 13:01