Иван Боппосов мас удьурҕайыттан суумка оҥордо

Таатта улууһун олохтооҕо, тарбаҕар талааннаах, мындыр уус Иван Боппосов удьурхай мастан суумка оҥордо. Дьахтар дьикти суумкатын дьон интэриэһиргээтэ.

Билиһиннэрэр эбит буоллахха, Иван Боппосов Уолба нэһилиэгин олохтооҕо, норуокка сылын аайы «балбаах» оҥоһуктарынан киэҥник биллэр Михаил Боппосов бииргэ төрөөбүт быраата.

Суумка ыйааһына 600 гр, суруйда «Таатта» хаһыат бэйэтин телеграм-сирэйигэр.

This post was published on 14.04.2022 16:01 16:01