Ымдаан диэн өбүгэлэрбит олус сөбүлээбит утахтара баар. Суораты дуу, тары дуу эбэтэр сүөгэй уутун тымныы ууга кутан холбуу ытыйан оҥоһуллубут аһыы утах.
Былыр ымдааны кымыс оннугар тутталлара. Бэрт судургутук оҥоһуллар:
1 ыстакаан аһыйбыт суоракка (кефиргэ) 3 ыстакаан оргуйбут тымныы ууну кутаҕын. Дэхси күүгэн тахсыар диэри муос ытыгынан ытыйаҕын. Оттон ытыга суох эбэтэр кыраны оҥорор буоллаххына, «Роса» бытыылкатын үс гыммыттан бииригэр аһыйбыт кефиры, онтон ордугар оргуйбут тымныы ууну кутан булкуйуллар.
Ол кэнниттэн тымныы сиргэ эбэтэр холодильник аллараа долбууругар уураҕын. Амтанын тупсарыаххын баҕардаххына, кыратык сүөгэй кутуохха син. Сорохтор түргэнник сойутаары муус угаллар. Минньигэһи сөбүлээччилэр саахардыахтарын син.
Ымдааны ордук оҕо аймах сөбүлээн иһээччи.
Источник: «Чөл буолуу кистэлэҥэ» батсаап-бөлөх
This post was published on 24.06.2021 18:00 18:00