ИТ-хампаанньа үлэһиттэрэ чэпчэтиилээх ипотекаҕа 12 тыһыынчаттан тахса сайаапка түһэрбиттэр. Арассыыйа сыыппараҕа министиэристибэтэ бырагыраама үлэлээбитэ бастакы икки ыйынааҕы түмүгүн таһаардылар.
«Биһиги испэсэлиистэргэ чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматыгар олус үрдүк ирдэбил баарын көрөбүт: икки ыйга 12 тыһыынчаттан тахса сайаапка киирдэ. Билигин кинилэртэн 8 тыһыынча сайабылыанньа бигэргэтилиннэ, онтон 1,6 тыһыынча испэсэлиистэр хайыы- үйэ 14,4 млрд солк. чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа туһанар кыахтаннылар. Сыл бүтүөр диэри ипотечнай кирэдьиит ахсаана урут былааннаммыт 10 тыһыынчаттан тахсыа диэн эрэнэбит», — диэн иһитиннэрдэ миниистир солбуйааччыта Максим Паршин.
Биһирэммит сайаапкалар Арассыыйа 60 регионугар номнуо бааллар. Кинилэртэн сорохторо олохтоох чэпчэтиилээх бырагырааманан туһанар буолан ипотекаларын ставкалара 1 %- ҥа диэри намтатыллыахтарын сөп. Бырагыраама кыттыылаахтара ылар дьиэлэрин орто сыаната 10,6 мөл. солк., оттон кыбартыыра орто иэнэ 65 кв. м. тэҥнэһэр.
Санатан эттэххэ, 2024 сылга диэри чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматынан 50 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох исписэлиистэр туһаныахтарын сөп, оттон кирэдьиит уопсай суумата 240 млрд солк. тахса буолуоҕа. Билигин бырагыраамаҕа 50-тан тахса кирэдьиит тэрилтэтэ кыттар.
This post was published on 19.07.2022 11:03 11:03