Саха сиригэр предпринимателлэр интернет-атыыга көһөллөрүгэр көмөлөһөр онлайн-платформа киллэриэхтэрэ. Ол туһунан инновация миниистирэ Анатолий Семенов социальнай ситимнэринэн быһа эфиргэ эттэ диэн СИА иһитиннэрэр.
«Биһиги саҕалыырбытыгар, IT-салаа сайдыытыгар ким да итэҕэйбэтэҕэ. Билигин Россия киин баана этэринэн, Уһук Илин IT экспорын 85%-на Саха сириттэн. Биһиги өссө кэҥиибит. Билигин атын салаалар ыарахаттары көрсөр буоллахтарына, IT үөһэ дабайар. Элбэх үлэ миэстэтэ таһаарылынна. Атын предпринимателлэргэ көмөлөһөллөр», — диэтэ Анатолий Семенов.
Министр эппитинэн, онлайн-ырыынак кэҥээтэ.
«Үгүстэр оффлайнтан онлайҥа көстүлэр. Пандемия кэмигэр Дьокуускайга 280 тириэрдиигэ уонна да атын хайысхаҕа сервис үлэлиир. Биһиги предпринимательство министиэристибэтин кытта бизнес интернеккэ көһөрүгэр көмөлөһөр сыаллаах бииргэ үлэлиибит», — диэтэ миниистир.
This post was published on 10.04.2020 18:24 18:24