Бүгүн, муус устар 18 күнүгэр, Пааматынньыктар уонна историческай миэстэлэр норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрэ бэлиэтэнэр.
Бу бэлиэ күнү 1982 с. ЮНЕСКО бигэргэппитэ. Оттон бырааһынньык быһыытынан 1984 сыл муус устар 18 күнүттэн ыла бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ пааматынньыктары харыстааһыҥҥа История уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр Бүтүн сойуустааҕы уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын эппиэттиир сэкирэтээрэ Александр ДЬЯКОНОВЫ кытта кэпсэттим.
— Александр Васильевич, бу олус суолталаах үлэни оҥорор уопсастыбаннай тэрилтэ Саха сиригэр хаһааҥҥыттан үлэлиирий?
— Сэбиэскэй кэмтэн ыла история пааматынньыктарын харыстыыр тэрилтэлэр үгүс этилэр. 1998 сылтан бу тэрилтэлэр үлэлэрэ тохтообута. Онтон 2015 сылтан уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтин сөргүтэн, күн бүгүҥҥэ диэри көхтөөх үлэни салҕанар. Тэрилтэбит өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Дьокуускай куоракка история пааматынньыктарын докумуоннуурга, чинчийэр үлэни ыытыыга дьоһуннаах үлэни ыытар.
— Улуустары таарыйбычча, ханнык нэһилиэктэргэ история пааматынньыктарыгар туох суолталаах үлэ ыытылларый?
— Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар «старообрядецтар», Кушнарев атыыһыт 19-с үйэҕэ олорбут дьиэлэрэ, Нам Никольскайыгар сир оҥорооччулар үс былыргы дьиэлэрэ, Чөркөөх мусуойун тиэргэнигэр баар балаҕаннар — бу барыта саха маһынан оҥоһуутун пааматынньыгын быһыытынан история кэрэһиттэрэ буолан тураллар. Өлүөхүмэҕэ Алалайка үрэх биэрэгин үрдүгэр турар былыргы дьиэлэр, Витимҥэ Громов атыыһыт олорбут дьиэтэ «Угрюм-река» киинэҕэ көстөр дэриэбинэҕэ курдук олох бэйэлэринэн тураллар. Горнайга уонна Хаҥаласка археологическай суолталаах пааматынньык үгүс. Томпо Кириэс Халдьаайытыгар баар икки Таҥара дьиэтэ эмиэ олус улахан историческай суолталаахтар. Биирэ мусуой буолан турар, иккиһэ, олох хаалан турбутун, епархия бэйэтин болҕомтотугар ылла.
Хоту улуустарга сүрүннээн археологическай хайысхалаах пааматынньык үгүс. Булуҥҥа Врангель, Обручев курдук полярник-чинчийээччилэр сылдьыбыт историческай миэстэлэрэ интэриэһи тардаллар. Дьааҥы уонна Халыма улуустарыгар политическай сыылынайдарга анаммыт пааматынньыктар үгүстэр. Өймөкөөҥҥө баар ГУЛАГ лааҕырдара, АлСиб аэропорда, меценат-атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын олорбут дьиэтэ, Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэлэрэ курдук историческай пааматынньыктар ханнык баҕарар турист болҕомтотун тардаллара чахчы.
— Историческай пааматынньыктары пааспардааһыҥҥа, кичэйэн харыстаан көрүүгэ-харайыыга ханнык улуустар холобурга сылдьалларый?
— Бастатан туран, Таатта улууһа. Бу духуобунай нэһилиэстибэтин былыр-былыргыттан үрдүк таһымҥа илдьэ иһэр, холобур оҥостор улууспут. Ол да иһин саха улуу олоҥхоһуттара, суруйааччылара, ырыаһыттара Тааттаттан таҕыстахтара. История пааматынньыктара бу улууска бары кэриэтэ пааспардаахтар, олохтоохтор норуот духуобунай баайын харахтарын харатын курдук харыстыыллар.
Бүлүүттэн төрүттээх историк-учуонай Пантелеймон Петров көмөтүнэн Бүлүүгэ бэрт элбэх хаһаактар былыргы дьиэлэрэ, мас оҥоһуу пааматынньыктара докумуоннанан, биһиги уопсастыбаннай тэрилтэбит болҕомтотун киинигэр бааллар.
— Кэрэхсэбиллээҕэ баар, эһиги биир эрэ бэлиэ күнүнэн муҥурдаммакка, Пааматынньыктар уонна историческай миэстэлэр норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрин сыалай дэкээдэ быһыытынан тэрийэн бэлиэтээтигит дии?
— Кырдьык, бу бэлиэ күҥҥэ анаан биһиги, уопсастыбанньыктар, бэрт үгүс үлэни ыыттыбыт. Ол курдук, киин куорат историческай пааматынньыктарынан экскурсиялары тэрийдибит. Бэҕэһээ Уопсастыбаннай норуот фронун регионнааҕы салаатын актыбыыстарын кытта биһиги уопсастыбабыт чилиэннэрэ историческай пааматынньыктары тула субуотунньуктаатыбыт. Уонча куул бөҕү-саҕы хомуйдубут, оту-маһы ыраастаатыбыт. Бүгүн ОНФ актыбыыстарын кытта киин куорат историческай пааматынньыктара (реальнай училище, Шергин шахтата уо.д.а) болҕомтону эрэйэр кыһалҕаларын тула «төгүрүк остуолга» мустан кэпсэтиэхпит.
… Өрөспүүбүлүкэҕэ 1750 историческай пааматынньык баарыттан аҥара былыргы мас оҥоһук дьиэ. Онон норуот духуобунай уонна материальнай нэһилиэстибэтэ История уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр Бүтүн сойуустааҕы уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын уопсастыбанньыктарын эрэллээх илиилэригэр баара сүргэни көтөҕөр.