Ыам ыйын 29 күнүгэр Саха сиригэр «Метео» Як-40 зондировщик- сөмөлүөт көтөрө былааннанар. Регион экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Бүлүү оройуонуттан саҕалаан, Өлүөхүмэ соҕуруу өттүгэр диэри сөҥүүнү түһэриэхтэрэ.
Быһаарбыттарынан, былыт Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Горнай, Кэбээйи, Хаҥалас, Алдан оройуоттарыгар сабардаата.
Ыам ыйын 29 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр аҕыс ойуур баһаара баар, уопсай иэнэ 1706,3 га. Уот Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Муомаҕа, Нерюнгрига, Томпоҕо уонна Уус-Майаҕа баар.
This post was published on 29.05.2025 12:02 12:02