Искусственнай ардаҕы ыҥырар сөмөлүөт Саха сирин икки улууһугар үлэлиэҕэ

Искусственнай ардаҕы ыҥырар Як-42 зондировщик-сөмөлүөт бүгүн, бэс ыйын 1 күнүгэр Уус- Алдан уонна Таатта оройуоннарыгар үлэлиэҕэ.

Куттала суох буолууну хааччыйар судаарыстыбыннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов иһитиннэрбитинэн, Росгидромет сөмөлүөтэ олохтоох бириэмэнэн, бүгүн 11 чааска көтүөҕэ.  Искусственнай ардахтары регион сиригэр- уотугар баһаар кутталын намтатарга ыҥыраллар.

Бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 33 гектар иэннээх биир айылҕа баһаара баар (итинтэн 1,0 гектар – ойуур зоната, 32,0 гектара – тыа сирэ буолбатах). Саха сиригэр сезон саҕаланыаҕыттан барыта 17 ойуур баһаара бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ 118 баһаар бэлиэтэммитэ.

This post was published on 01.06.2022 12:01 12:01