Кэлиҥҥи уонча сылга Саха сиригэр халлаан биллэ сылыйбыта бэлиэтэнэр. Сылыйыы салҕанар түгэнигэр Саха сирин олохтоохторо көһөргө күһэллиэхтэрин сөбүн туһунан учуонай, ирбэт тоҥу чинчийэр институт салайааччытын наукаҕа солбуйааччы Александр Федоров РИА сонуннарыгар кэпсээтэ.
Быйыл аан дойдуга тымныыннан биллэр Верхоянскай куоратыгар бэс ыйын 20 күнүгэр халлаан 38 кыраадыска тиийэ итийэ сырытта. Бу урут бэлиэтэммэтэх көрдөрүүнэн аан дойдутааҕы халлааны кэтээн көрөр тэрилтэ интэриэһиргээтэ. Бэрэбиэркэ кэннэ итийии халлаан муҥутуур көрдөрүүлэрин бэлиэтиир кинигэҕэ (метеорологическая «Книга рекордов» — Архив исключительных погодных и климатических температур) киириэн сөп.
Учуонай Александр Федоров бутэһик уонча сылга Саха сирин килиимэтэ биллэ сылыйбытын этэр. Хоту салгын температурата өр сыллаах орто көрдөрүүттэн икки кыраадыһынан, оттон киин, соҕуруу улуустарга — 1-1,5 кыраадыс үрдээбитин туһунан кэпсиир. Маныаха киин, соҕуруу улуустарга сылыйыы 1990-с сыллартан саҕаламмытын бэлиэтиир.
«Саха сиригэр сылыйыы лаппа биллибитин аан дойду билинэр. Ирбэт тоҥ ирэр түгэнигэр сөҥүү элбиирин өйдүүр…”, — диэн А.Федоров этэр. Учуонай сылыйыы салҕанар буоллаҕына ирбэт тоҥноох дойду олохтоохторо көһөргө күһэллиэхтэрин сөбүн туһунан этэр. Кини бу туһунан ирбэт тоҥу үөрэтэр аан дойду учуонайдарын үлэлэрин түмүгэр олоҕуран этэр… Биһиги биолог учуонайдарбыт халлаан сылыйан араас кыыл-сүөл хоту талаһар буолтун бэлиэтииллэрин туһунан этэр.
ХИФУ учуонайдара Альберт Свинобоев уонна Аиза Неустроева 2017 сыллаахха бэчээттээбит ыстатыйаларыгар илин эҥэр олохтоохторун ыйытыкка кыттыбыт дьон 72%-на дьиэлэрин онно түспүтүн бэлиэтээбиттэр. Алексанр Федоров Чурапчы, Таатта улуустарыгар 1990-с сылларга диэри туттулла сылдьыбыт халын муустаах ирбэт тоҥ үрдүгэр сытар бааһына сирдэр билигин туһаттан тахсыбыттарын туһунан кэпсиир.
«Аан дойду науката ирбэт тоҥ үрдүгэр олорору сэрэхтээҕинэн билинэр. Ол эрэн ирбэт тоҥ араастаах, сорохтор сылыйыыны тулуйуохтарын сөп. Хаһаайыстыбаҕа, олохсуйарга, сылыйыыттан барыыһы ыларга олору туһаныахха баар. Биллэн турар онно элбэх үп-ас наада, онон бу кыһалҕанан былаас дьарыктаныахтаах», — диэн учуонай түмүктээтэ.