«ИрАэро» авиахампаанньа Иркутскайтан Өлүөхүмэҕэ, Тындаҕа уонна Дьокуускайга субсидиялаах рейстары оҥорорун туһунан иһитиннэрдэ.
Тохсунньу 28 күнүттэн «ИрАэро» АХ Иркутск – Тында (Амур уобалаһа) – Дьокуускай маршрутунан көтүүнү саҕалыаҕа. Ан-24 сөмөлүөт, 48 пассажир биирдэ киирэр рейстэрэ бээтинсэлэргэ Иркутскайтан, субуоталарга Дьокуускайтан айанныахтара. Субсидия көрүллэр, онон билиэт сыаната Иркутск – Тында 9465 солк, Тында – Дьокуускай 6445 солк.
Тохсунньу 31 күнүттэн Иркутск – Өлүөхүмэ – Красноярскай (Черемшанка) маршрут арыллар. Өлүөхүмэттэн Красноярскайга көтөн иһэн Усть-Кутка техническай тохтоон ылыы баар буолуоҕа.
Көтөр аал — Ан-24, 48 пассажир тэҥинэн киирэр. Бэнидиэнньиктэргэ Иркутскайтан, оптуорунньуктарга Красноярскайтан көтүүлэр оҥоһуллаллар. Субсидиялаах, билиэт сыаната Иркутск – Өлүөхүмэ 9650 солк, Өлүөхүмэ – Красноярск 8275 солк саҕаланар.
This post was published on 21.01.2022 16:01 16:01