Ипотеканан кыбартыыра ылыытыгар нолуоктан көҕүрэтиини оҥоруу судургутуйуо

Россияҕа нолуоктан көҕүрэтиини оҥоруу судургу буолуоҕа, өскөтүн кыбартыыра ипотеканан ылыллыбыт буоллаҕына. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатыгар мунньахха этилиннэ, суруйар «Российская газета».


«Баайга-дуолга нолуоктан көҕүрэтиинэн туһаныыга нолуок төлөөччү тус кабинетыгар сайабылыанньа эрэ хаалларар, оччотугар тута оҥоһуллар», — диэтэ премьер-миниистир Михаил Мишустин.

Онон, бэйэ быраабын докумуонунан бигэргэтии ирдэммэт, федеральнайдааҕы Нолуок сулууспата дааннайдары бэйэтэ хомуйар.

Санатар эбит буоллахха, нолуок төлөөччү кыбартыыра атыыластаҕына кирэдьиититтэн уонна онно төлөммүт бырыһыаныттан подоходнай нолуогун 13% төнүннэриэн сөп.

This post was published on 11.12.2020 14:02 14:02