Ипотека төлүүр элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтүн уһаттылар

Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр сыаллаах судаарыстыбаттан 450 тыһ. солк. ипотеканы төлүүргэ бэриллэр бырагырааманы уһаттылар. Бу уураахха дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин илии баттаата, диэн СИА РФ бырабыыталыстыбатын саайтыгар сигэнэн иһитиннэрэр.

Бу бырагырааманан, үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолорун 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүттэр туһаныахтарын син. Эрдэ бу бырагыраама 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр түмүктэниэхтээх этэ. Маныаха бырагыраамаҕа хапсар ыалларга кирэдьиит дуогабарын түһэрсии болдьоҕо эмиэ иннин диэки уһатыллан – 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри буолуоҕа.

2023-2024 сылларга федеральнай бүддьүөттэн маннык төлөбүрдэргэ 90 млрд солк. кэриҥэ бэриллэрэ былааннанар.

This post was published on 03.10.2022 10:03 10:03