Саха сиригэр орто хамнас — 76 623 солк. Ити эрээри саамай улахан дохуот уонна кыра хамнас ыккардыгар араастаһыы лаппа биллэр. Орто хамнаһы хайдах быһааралларын СИА кэрэспэдьиэнэ Сахастат үлэ, наука, үөрэх, инновация статистикатын отделын начальнигын солбуйааччыта Ирина Кузьминаттан чуолкайдаста.
— Саха сиригэр орто хамнас хаһый?
— Тэрилтэ үлэһиттэрин орто хамнастара 2020 сыл тохсунньу — ахсынньы ыйдарыгар 76 623 солк диэн ааҕыллыбыт. Сыллааҕы отчуот дааннайынан сыыппара өссө чуолкайданан биэриэн сөп.
— Салааларга арахсар дуо? Саамай үрдүк уонна саамай намыһах хамнастаахтар диэҥҥэ?
— Хамнас дифференциацията үлэ көрүҥнэринэн уратылардаах. Үрдүк хамнас («сир баайын туһаҕа таһаарыы») кыра хамнаһы («тыа, ойуур хаһаайыстыбалара, булт, балыктааһын, балыгы иитэн туһаҕа таһаарыы») сабардааһына 2020 сылга — 3,4 төгүл.
Үрдүк хамнас сир баайын туһаҕа таһаарар тэрилтэлэргэ – 122 530 солк, доруобуйа харыстабылын уонна социальнай өҥөлөрү оҥорор тэрилтэлэргэ – 84 486. Ити эрээри бачча хамнаһы ити тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бары ылаллар диэн буолбатах. Дуоһунаһыттан, квалификациятыттан, үлэ усулуобуйатыттан, ыстаастан уо.д.а. элбэх тутулуктаах.
Саамай кыра хамнас тыа, ойуур хаһаайыстыбалара, булт, балыктааһын, балыгы иитэн туһаҕа таһаарыы тэрилтэлэригэр– 35 906 солк, хамнаабат баайы-дуолу эргитэр тэрилтэлэр – 39 315 уонна атыы-эргиэн – 42 106.
Сиһилии https://ysia.ru/intervyu-chto-takoe-srednyaya-zarplata-i-otkuda-berutsya-eti-tsifry/
This post was published on 22.03.2021 12:01 12:01