Учууталлар үлэлэрин таһынан тус олохтоохтор, сүрэхтэрэ сытар дьарыктаахтар. Ол курдук, нуучча тылын учуутала Изабелла Николаевна куукулалары мунньар. Кини сөбүлүүр дьарыгын туһунан ыйыттым.
— Изабелла Николаевна, Учуутал күнүнэн! Хаһааҥҥыттан уонна туох санааттан куукулалары мунньар буолбуккутуй?
— Баһыыба, Рада. 2012 сыллаахха кыыһым Юля оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Кытайга күүлэйдии барбыта, онтон куукула аҕалбыта. Онтон ыла куукулалары мунньуум саҕаламмыта.
— Саамай сөбүлүүр куукулаҥ?
— Барыларын сөбүлүүбүн. Хас биирдии куукула туһунан историялаах. Оҕолорум дьарыкпын сэргииллэр, кинилэр Лариса Спиридоноваҕа хоту дойду куукулатын оҥотторон, ис сүрэхтэриттэн бэлэхтээбиттэрин сөбүлүүбүн.
— Бу дьарыгыҥ (хоббиҥ ) эйиэхэ туох суолталааҕый?
— Киһи мунньуохха, киэргэл оҥоруохха эрэ диэн санааттан буолбакка, элбэҕи билэҕин-көрөҕүн, элбэх дойду куукулалара бааллар, ол дойдулар культураларын, тоҕо маннык таҥастаахтарын билэҕин.
— Баһыыба, Изабелла Николаевна, куукулаларыҥ элбии турдуннар, сөбүлүүр дьарыгыҥ үөрдэ турдун.
Рада Охлопкова, Салбаҥ орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ
This post was published on 05.10.2023 12:35 12:35