1 Сэтинньи 01.11
  • -18°
  • $ 97,02
  • 105,52

Инсульт. Киһини сэрэппэккэ охторор ыарыы

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Инсульт диэн тугуй? Киһи органыгар ыарыы дьайыыта. Инсульт (лат. Insultus «охсуу»)

Инсульт – бу ыарыы сэрэппэккэ кэлэр, мэйии тымырдарынан кини килиэккэлэригэр кислород тиийэрэ мөлтөөтөҕүнэ үөскүүр, кислородунан хааччыйар тымырдар ханнык эмит салаалара кыараатаҕына, эбэтэр бүөлэннэҕинэ эбии бэргиир. Кислороду хаан тарҕатар. Атеросклероз бляшкалара киһи хааныгар холестерин курдук эттиктэр аһары үрдээһиннэриттэн үөскүүллэр.

Ишемическай инсульт  — бүөлэммит тымыр.

Тымыр кыарааһынын түмүгэр мэйиигэ кислород тиийбэтэх сиригэр үллүү үөскүүр. Атеросклероз бляшкалара тымыр эркинигэр сыстан баран тааһыран хаалаллар, оччоҕо хаан сатаан сүүрбэт, кислород тиийбэт. Ол түмүгэр бүөлэммит тымыр зонатыгар «аччыктааһыннар» (ишемия – кислородное голодание) саҕаланар.

Геморрагическай инсульт –хаан бөлөхсүйүүтэ.

Эмискэ хаан баттааһынын үрдээһинин түмүгэр, тымыр быстан, мэйиигэ хаан турааһына.

Ол түмүгэр мэйии ньиэрбэтин килиэккэлэрин үлэтэ мөлтүүр, эбэтэр килиэткэ өлөн үлэлээбэт буолар, оччоҕуна киһи илиитэ атаҕа уҥа эбэтэр хаҥас өттө кыайан хамсаабат, үлэлээбэт  буолар.

Ыарыы бастакы сибикилэрэ:

Ыарыы сүрүн бэлиэтэ –  төбө ыарыыта, мэйии эргийээһинэ, сылайыы, илии, атах хаҥас эбэтэр уҥа өттө сэниэтэ суох буолуу. Ол эрээри бэрт аҕыйах дьоҥҥо ыарыы баарын биллэримиэн сөп, ол олус сэрэхтээх уонна кутталлаах. Киһи кэпсэтэригэр, саҥарарыгар ыарырҕатыан сөп, буочара суруйара уларыйыан сөп, ону таһынан хараҕа көрөрө мөлтүөн сөп, хаамара, хамсанара уларыйар.

Киһиэхэ инсульт буолбутун хайдах быһаарабытый?

  1. Сирэйэ ханньары барар
  2. Киһи икки илиитин тэҥҥэ өрө ууммат, өрө көтөхпөт, уҥа эбэтэр хаҥас өттө мөлтүүр.
  3. Киһи тыла бөлөхсүйэр, чуолкайа суохтук саҥарар буолар.

Бу маннык буолбут киһиэхэ  суһал көмөнү ыҥырар булгуччулаах. Мэдиссиинэ үлэһитэ кэлиэр диэри ыалдьыбыт киһини хамсатар, уонна туруорар көҥүллэммэт.

Добуобуйаҕытын көрүнэ, бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ!

Ааптар: Марианна Исакова, нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин невролог бырааһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА