Быйылгы 2017 сылга үктэнэн баран, Москватааҕы “Сколково” Технопаарка ааттаах-суоллаах бизнес-тренердэрэ Уһук Илиҥҥитээҕи стартап-кэмпириэнсийэни Дьокуускайтан саҕалаатылар. Ити курдук, сылы быһа 14 куораты хабан, кэскиллээх диэбит бырайыактарын талыахтаахтар. Бу туһунан edersaas.ru сырдатар.
Интэриэһинэйэ баар, аан дойдутааҕы таһымнаах топ-менеджер Финляндияттан төрүттээх Пекке Вильякайнен бэлиэтээбитинэн, бу маннык куораттары кэрийэ сылдьан үлэлииллэрин уопуттаах бизнес-тренердэр “сырдык (өйдөөх) төбөлөрү” көрдүүр “гастроллар” диэн ааттыыр эбиттэр.
“Мин стартап (бырайыак) хантан төрүттээҕэр (Дьокуускайтан буоллун, Томскайтан буоллун, баҕар, Бали эбэтэр Нью-Йорк да буоллун) суолта уурбаппын. Кылаабынайа, бу бородууктаны аан дойдуга атыылыыр кыах баар буолуохтаах. Иккиһинэн, бырайыагын билиһиннэрэр киһи хараҕа уоттааҕын ордоробун. Үсүһүнэн, бу биир эрэ киһи буолбакка, хамаанданан үлэ буолара көстүөхтээх. Стартап-туур сүрүн соруга – саҥа бизнес көрүҥүн арыйыы, үлэ миэстэтин таһаарыы”, — диэн санаатын тиэртэ Пекке Вильякайнен.
Бизнес-тренердэр ыччакка бэртээхэй сүбэлэри биэрдилэр. Кэрэхсэбиллээҕэ, сылаалаах лиэксийэни ким да аахпата. Кэпсэтии “Ыйытыы-хоруй” форманан барбыта киһи болҕомтотун тардар. Холобур, ААА TRUST генеральнай дириэктэрэ Игорь Дубинников: ”Миэхэ бырайыак наадата суох. Миигин бу үлэ хаһаайына туох киһи буолара сэҥээрдэр. Ол иһин мин, бастатан туран, болҕомтобун тардыбыт киһиэхэ электроннай аадырыспын биэрэбин. Суруйдаҕына, кэккэ ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөһөбүн. Өскөтүн ыйытыыларбар бу киһи миигин интэриэһиргэтэр хоруйу биэрдэҕинэ, кинини кытта салгыы үлэлиибин. Хомойуох иһин, ыйытыыларбын тутан баран, сүтэн хаалаллар. Ити курдук, мин киһитин билбэккэ эрэ, сэҥээрбит, сэргээбит үлэбэр халтай бириэмэ бараабакка, наадалаах киһибин “сыыйан” ылабын”, — диир.
Оттон Пекке Вильякайнеҥҥа биир эдэр киһи: “Туох да үөрүйэҕэ суох ыччаттар маннык стартаптарга теория эрэ быһыытынан кытталлара төһө оруннааҕый?” — диэн ыйыппытыгар, топ-менеджер маннык хоруйдаата: “Миигин “Бизнес-аанньал” диэн ааттыыллар. Оттон мин аанньал буолан төрөөбөтөҕүм. Бастакы бизнеспин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 13 сааспыттан саҕалаабытым. Бастакы үлэһитим – суоппар этэ. Үлэбэр массыына олус наадатын өйдөөбүтүм. Мин массыынам, ыытар быраабым суох. Ол иһин харчы төлөөн, суоппар наймыласпытым. Онон харчы өлөрөр бырайыакка “эдэр дуу, кырдьаҕас дуу” диэн өйдөбүл суох. Сатабыллаах, мындыр толкуй баар буолуохтаах”.
Ити курдук санаалаах бизнес-тренердэртэн ыччат бэрт үгүһү биллэ, сурунна, хаартыскаҕа түһэрдэ, бэйэтин билиитин хаҥатта.
This post was published on 01.02.2017 16:39 16:39