22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Инновация министиэристибэтэ: «Якутия» уонна «Саха Сирэ» хаһыаттар сабыллыбаттар

09:32, 26 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев «Якутия» уонна «Саха сирэ» хаһыаттар сабыллалларын туһунан тарҕаммыт сураҕы олоҕо суох диэтэ, диэн yakutia-daily.ru. иһитиннэрэр.


WhatsApp мессенджерынан «Сахамедиа» уонна «Якутия Медиа-холдинг» үп-хаһаайыстыбаннай үлэлэрин түмүгүнэн таһаарыллыбыт Саха сирин баһылыгын сорудаҕын бырайыагыттан быһа тардыы тарҕанна. Манна бастакы пуунунан бырабыыталыстыба көрүүтүгэр тустаах тэрилтэлэр сайдыыларыгар этиилэри киллэрэр туһунан суруллар. Онно госСМИ-ны сыыппараҕа көһөрүү туһунан этиллэр. Докумуону 2020 сыл олунньу 1 күнүгэр киллэрэр сорук ыйыллыбыт.

Бу бырайыагы хаһыаттары сабыы курдук ылыннылар. Буолаары буолан, бэрт суһаллык.

yakutia-daily.ru редакцията Чокуур Гаврильевтан комментарий ылла. Миниистири солбуйааччы эппитинэн, бу информация олоҕо суох. ««Якутия» уонна «Саха Сирэ» хаһыаттары ким да сабар санаата суох. Хаһыаттарга сурутуу хампаанньата бара да турарынан, хаһыаттар сабыллыбаттара чуолкайданар. Бэчээт таһаарыылара бааллар да этэ, баар да буолуохтара. Бырабыыталыстыба хаһыаттары сабар туһунан варианы көрбөт», — диэтэ Гаврильев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА