Иннокентий Бочкарев: Кыайыы параадын тэрийэр наадалаах

«Кыһыл Болуоссакка Кыайыы 75 сыллаах параадын тэрийэр наадалаах, биһиги фашизмы кыайбыттар ыччаттарабыт», — Саха сирин кырдьаҕастарын Сэбиэтин чилиэнэ Иннокентий Бочкарев РФ Президенэ Владимир Путин бэҕэһээҥи быһаарыытын маннык быһааран эттэ.


Кыһыл Болуоссакка Кыайыы параадын ыытар туһунан дойду лидерын быһаарыытын Иннокентий Бочкарев маннык эттэ: «Параад буолуохтаах. Биһиги дойдубут фашизмы кыайыытын аан дойду билиммитэ. Ити эрээри билигин историяны токурута тута сатааһын баар. Бэйэлэрин тустарыгар. Билигин биһиги чулуу буойуннарбыт, дойдубутун нацизм түүрэйдээһиниттэн босхолообуттар албан ааттарын Кыайыы параадынан кэриэстиэхтээхпит. Россия олохтоохторо биир сомоҕо буоларбытын көрдөрүөхтээхпит».

This post was published on 27.05.2020 17:01 17:01