Дьокуускайга академик В. П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ бүгүн түмүктэнэр. Быйыл өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыттан эдэр чинчийээччилэр куонкурустарыгар 1600-тэн тахса бырайыак киирдэ, барыта 39 секция үлэлээтэ. Хас биирдии салааҕа чаҕылхай үлэлэр элбэхтэр олортон СИА ааҕааччыларыгар билиһиннэрэбит.
«Экология секциятыгар барыта 65 үлэни иһиттибит, онтон аҕыһа хоту сытар улуустар буолан онлайн ыытылынна. Мин ордук Уус-Майаттан сылдьар VI кылаас үөрэнээччитэ Алла Бариева «Появление новых видов чешуекрылых в окрестностях села Петропавловск, как следствие изменения климата на территории Усть-Майского района республики Саха (Якутия)» үлэтин бэлиэтээтим. Кини бэйэтин улууһугар баар лыахтары хомуйбут, элбэх үлэни ыыппыт, тус бэйэм муҥутуур баалы туруордум, — диэн Биология институтун ботаническай чинчийии отделын научнай үлэһитэ, эксперт Виктория Филиппова бэлиэтээтэ.
Рожина Индигира, Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин VIII кылааһын үөрэнээччитэ:
— 2020-21 үөрэх сылыгар кэтэхтэн кыттан турардаахпын, ол саҕана оонньуу оҥорорго (пазл) холоммутум. Бииргэ төрөөбүт убайым “Инникигэ хардыыга” анимация оҥоро сылдьыбыта, баҕар ол иһин буолуо бу теманы интэриэһиргээбитим уонна бэйэм оҕо эрдэхпиттэн мультик көрөрбүн олус сөбүлүүбүн. Инньэ гынан, RoughAnimator бырагырааманан Т.Е.Сметанин “Күөрэгэй” диэн кэпсээнигэр олоҕуран, тэттик анимация оҥордум. Үлэбин былырыын алтынньыттан саҕалаабытым. Уруһуйун барытын бэйэм оҥоробун. Маны таһынан, анимациям дьиҥнээх соҕус буоллун диэн, ротоскопирование ньыматын туһаммытым. Бу аата мультигым геройдарын хамсаныыларын барытын бэйэм оҥорон көрөбүн (хамсанабын), ону видеоҕа устан баран уруһуйдуубун. Манна кэпсээни хас даҕаны чааска арааран, араас ракурстан устубуппут. Ол кэннэ Sony Vegas бырагыраамаҕа таҥан оҥорбуппут, барыта 46 каадыр тахсыбыта. Ол кэннэ видео түргэнин бытаардаҕын, ардыгар түргэтэтэҕин, уопсайынан үлэлээх соҕус. Анимациябын барытын бэйэм “озвучкалаабытым”. Баҕар оруолларынан эҥин араартаан геройдары туһунан саҥардыахпын, кылааспытыгар уолбут суох, бүтүн оскуолаҕа баара суоҕа 12 эрэ оҕо үөрэнэр. Онон барытын бэйэм саҥарбытым. Эһиил үлэбин өссө тупсаран кыттар былааннаахпын. Салайааччыбар махтанабын. Инникитин киин сиргэ үөрэххэ киирэр баҕалаахпын.
Индигира салайааччыта Герасимова Уйгулана Мировна М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Математика уонна информатика институтун бүтэрэн баран дойдутугар Аллайыахаҕа эдэр учууталлар бырагыраамаларынан үлэлии сылдьар.
«Мин үлэлээбитим ахсыс сылыгар барда, төһө да хоту олорор ыарахаттардааҕын иһин үлэбин сөбүлүүбүн. “Инникигэ хардыыга” оҕолору хайаан даҕаны кытыннара сатыыбын. Маннык тэрээһиннэргэ кыттаннар оҕолор быдан сайдаллар. Биһиги Аллайыаха саамай уһук нэһилиэгиттэн сылдьабыт. Куһаҕана диэн, интернет мөлтөх, күҥҥэ 300 эрэ мб бэриллэр. Оҕону «компьютерные технологии» секцияҕа бэлэмнииргэ бу кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Ол да буоллар санаабытын түһэрбэккэ алтынньыттан ыла туруулаһан туран үлэбитин ситиһиилээхтик түмүктээтибит диэн сыаналыыбын. Үөрэнээччим III степеннээх диплом ылла», — диэн Уйгулана Мировна үөрүүтүн үллэстэр.
Сунтаартан сылдьар VII кылаас үөрэнээччитэ Данил Зорин калифорнийскай чиэрбэлэри иитии туһунан үлэлээх кэлбит, салайааччыта — ийэтэ Сосина Наталья Олеговна.
“Бэйэм идэбинэн экономиспын эрээри, тулалыыр эйгэнэн, үүнээйилэринэн тыа хаһаайыстыбатынан үлүһүйэбин. Быйыл калифорнийскай чиэрбэлэр көмөлөрүнэн биогумус оҥорон таһаарыы туһунан бырайыактаах кэллибит, эрдэ атын үлэнэн кытта сылдьыбыппыт. Данил тулалыыр эйгэҕэ оҕо эрдэҕиттэн сыстаҕас, онон үөрэ-көтө миигин кытары үлэлэһэр, саҥаны барытын кэрэхсиир, була-көрө сатыыр. Бу биогумус органическай отдходтан (ас тобоҕо, хортуоппуй хаҕа) оҥоһуллан тахсар. Чиэрбэлэр түргэн баҕайытык сымыыт хаалларан элбииллэр. Сылга 8 куул курдук биогумус тахсар, бу оҕуруот аһыгар олус туһалаах уоҕурдуу буолар. Маннык сиргэ үүммүт оҕурсу, хортуопуй, дьэдьэн. быдан иҥэмтиэлээх уонна улахан буолар”, — диир Наталья Олеговна.
Санатан эттэххэ, бу кэмпириэнсийэ тохсунньу 8-12 күннэригэр онлайн уонна офлайн киэптэринэн ыытыллар. Куонкуруска 5-11 кылааска диэри үөрэнээччилэр кытталлар. Экспертнэй сэбиэттэргэ 350-тан тахса бастыҥ учуонайдар, преподавателлэр, аспираннар, магистраннар уонна устудьуоннар бааллар. Бастыҥ үлэлэр бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ кыттарга талыллыахтара, кыайыылаахтар үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсалларыгар чэпчэтиилэри ылыахтара.