23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

«Инникигэ эрэл» фестиваль иккис төгүлүн ыытыллыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньы 20 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Медиа-кииҥҥэ быраастар уонна ыарыһахтар холбоһуктаах бырайыактарынан ааттаммыт «Инникигэ эрэл» иккис аһымал фестиваль ыытыллыаҕа.


Фестиваль чэрчитинэн «Донор, эйиэхэ махтал!» флеш-моб буолуоҕа.

«Органнай донорство» туһунан Сардаана Барабанова уонна Диана Худаева устубут социальнай киинэтин билиһиннэриэхтэрэ. Киинэ кэнниттэн Саха сиригэр «органнай донорство» сайдыытын кыһалҕалаах боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ.

Эбиэт кэнниттэн потребительскай кооперация коллеһыгар ыарыһахтарга диетанан аһааһын оскуолата ыытыллыаҕа.

Иккис күн диализка сылдьааччыларга, уорганнарын көһөрбүттэргэ аналлаах «пациент оскуолата» Медицина национальнай киинигэр ыытыллыаҕа. Ону сэргэ нефролог, инфекционист быраастар биирдиилээн сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Медицинскэй-социальнай экспертиза кылаабынай бюрота, адаптивнай физическэй култуура уонна спорт өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ, дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай киинэ, Дьокуускай к. нэһилиэнньэ уонна үлэ социальнай көмүскэлин управлениета, «Нефро-Лига» үлэлэрин кэпсиир истиэндэлэр фестиваль кыттыылаахтарын болҕомтолорун тардыахтара.

«Хроническай вируснай гепатиттаах ыарыһахтар оскуолалара» ХИФУ Медицина институтугар аһыллыаҕа. Учуонайдар иһитиннэрии оҥоруохтара.

Алтынньы 21 күнүгэр Оҕо айар дыбарыаһыгар оҕо доруобуйатын былаһаакката үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыаҕа. «Мин доруобай үгэстэрим» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэрэ таһаарыллыахтара. Уорганы көһөрүүгэ наадыйар быар уонна бүөр ыарахан ыарыылаах оҕолорун өйөөн «Жизнь как чудо» аһымал акция тэриллиэҕэ. Онтон «Эрэл пульса» аһымал акцияҕа куораттааҕы уонна өрөспүүбүлэкэтээҕи эмтиир тэрилтэлэр сүбэ-ама биэриэхтэрэ. «Быраастар куораттара» былаһааккаҕа уорганы көһөрүү дьоһун суолталаах боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ.

Төрөппүттэр оҕолорун кытары кэлэн, 11-14 ч. диэри доруобуйаларын көрдөрүөхтэрин сөп. Онуоха паспордаах, төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэлээх, медицинскэй полистаах уонна СНИЛС-тээх кэлиэххэ наада.

Биһиги оҕолорбутугар уорганы көһөрүүгэ элбэх эпэрээссийэни оҥорор итиэннэ бииргэ үлэлэһэр Трансплантологияҕа уонна искусственнай уорганнарга В.И.Шумаков аатынан федеральнай научнай киин институтун трансплантолог-бырааһа фестивальга бочуоттаах ыалдьыт буолара күүтүллэр.

Фестиваль туһунан сиһилии proekt-hope.ru сайтка билсиҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар