Саха сирэ анал байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар көмөнү оҥороро салҕанан барар. Бу күннэргэ олохтоох оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын туттулар.
Сотору кэминэн Саха сириттэн массыыналары тириэрдиэхтэрэ. Ол туһунан брифиҥҥэ гражданскай оборуона дьыалаларыгар миниистир Дмитрий Лепчиков эттэ, суруйар ЯСИА.
«Анал байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарбытыгар көмө үлэтэ салҕанан барар. Баскыһыанньаҕа Илиҥҥи байыаннай уокурук Дьокуускайга быыстапка тэрийдэ. Онно Россия армиятын үрдүк технологичнай бородууксуйатын көрдөрүүгэ туруордулар, ол иһигэр Саха сирин оҥорон таһаарааччыларын киэннэрин», — диэтэ кини.
«СВО зонатыгар «Хоту-Ас» бородууксуйата тириэрдилиннэ. Биир туонна кэриҥэ бородуукта уопсайа ыытылынна. Байыастар туттубут диэн суруйдулар. Маны сэргэ Саха сирин муниципалитеттарыттан, тэрилтэлэриттэн эрдэ ыытыллыбыт автотырааныспар Ростов-на-Дону тиийдэ, маны сотору кэминэн байыастарбытыгар туттарыахпыт», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.
This post was published on 10.07.2024 17:06 17:06