Индия посола кэлиэҕэ

СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ РФ Индия Өрөспүүбүлүкэтин посола Панкадж Саран кэлэрин туһунан иһитиннэрэр.


Ыраахтан кэлбит бочуоттаах ыалдьыты кытта дьыалабыай көрсүһүү атырдьах ыйын 1 күнүгэр 17:00 чаастан “Сахамедиа” медиа-киинигэр буолуоҕа. Тэрээһин чэрчитинэн, Индия РФ посольствота, Индия Владивостоктааҕы консульствота атырдьах ыйын 1-3 күннэригэр Дьокуускайга бэйэлэрин бырагыраамаларын билиһиннэриэхтэрэ. Индия киинэтин бэстибээлэ, Индия классическай үҥкүүтүгэр маастар-кылаастар ыытыллыахтара.

“Инглиш-Винглиш”, “Беги, Милка, Беги” уонна “Звездочки на земле” диэн  Индия киинэлэрэ “Лена” уонна “Киин” киинэ тыйаатырдарыгар көрдөрүллүөхтэрэ. Киинэ бэстибээлин үөрүүлээх аһыллыыта атырдьах ыйын 1 күнүгэр 18:10 мүн. “Лена” киинэ тыйаатырыгар буолуоҕа.  Күүтүүлээх тэрээһини “Дости” (Владивосток) үҥкүү кэлэктиибэ киэргэтиэ. Бу ансаамбыл ким баҕалаахха маастар-кылаас биэриэҕэ. “Дости”  1998 сыллаахха тэриллибит. Кэлэктиип бхаратнатьям истиилинэн үлэлиир, маастарыстыбатын анаан үрдэтинэр, чочуйар.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

This post was published on 27.07.2018 13:22 13:22