“Олоҥхо дойдутугар ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүлэрэ” фестивальга Индия үҥкүүһүттэрэ Пратикша Лакхани уонна кини кыыһа Хита олоҥхону уонна индийскэй култуураны бииргэ холбоон сөхтөрдүлэр.
Лакханилар бхаратанатьям диэн классическай үҥкүүнү билиһиннэрдилэр. Индияҕа итэҕэл уонна култуура быстыспат ситимнээх буолалларынан, үҥкүүлэрэ эмиэ таҥараларга үҥэр-сүктэр суолталаах. Ол курдук “Рамаяна” эпостан быһа тардан, Брахма, Сарасвати, Шива таҥараларга анаммыт үҥкүүлэри көрдөрдүлэр. Үҥкүү быыһыгар искусствовед, санскритолог Наталья Лидова тахсан былыргы култуура, үҥкүү ис хоһоонун быһааран кэпсээтэ, сырдатта.
Пратикша Лакхани Мумбай куоракка театральнай искусство академиятыгар йоганы уонна классическай үҥкүүнү үөрэтэр. Кини кыыһа Хита кыра эрдэҕиттэн үҥкүү кистэлэҥнэригэр үөрэммитэ. Кинилэр араас дойдуларга элбэхтик сылдьаллар, дьону үөрэтэллэр.
Саха сирин көрөөччүлэрэ Индия үҥкүүһүттэригэр ытыстарын тыаһын харыстаабатылар. Буолумуна, үгүстэр индийскэй киинэ ырыаларыгар, үҥкүүлэригэр улааппыт дьон. Онон дьиҥнээх үҥкүүһүттэри илэ көрөн астынар баҕа санаалара туоллаҕа. Ону тэҥэ Пратикша уу сахалыы “Нөрүөн нөргүй, Саха сирэ!” диэн ыраастык саҥарбытын уруйдуу көрүстүлэр.
Кэнсиэр түмүгэр Олоҥхо театрын артыыһа Валентин Исаков “Кыл кырыымпа” ансаамбыл доҕуһуолунан олоҥхолуур кэмигэр Индия үҥкүүһүттэрэ тахсан, сахалыы дьиэрэҥкэй, атах тэпсии хамсаныыларын оҥорон сөхтөрдүлэр. Ону тэҥэ олоҥхону бэйэлэрин үҥкүүлэрин хамсаныыларынан тиэртилэр.
Бу икки түҥ былыргы култууралар алтыһыылара олус уратытык, сонуннук көһүннэ. Пратикша Лакхани этэринэн, саха фольклоругар да, индийскэй мифологияҕа да майгыннаһар өрүттэр элбэхтэр.