Medanta Сунил Сачдэва индийскай хампаанньа хос тэрийээччитэ Уһук Илиҥҥэ бырайыактарын олоххо киллэрэр туһуттан Россияҕа тэрилтэ арыйыа. Бу туһунан инвестицияҕа уонна экспорды өйүүргэ Агентство пресс-сулууспата кэпсиир. Саха сиригэр онкоскрининг кииннэрин арыйар баҕалаах, диэн «Интерфакс» суруйар.
Россия уонна Индия Уһук Илини сайыннарыыга бииргэ үлэлээһиннэрэ РФ президенэ Владимир Путин уонна Индия өрөспүүбүлүкэтин премьер-миниистирэ Нарендра Моди 2019 сыллаахха Илиҥҥи экономическай форумҥа дуогабардаспыттарын кэнниттэн өссө тэтимирдэ.
«Сыл бүтүөр диэри Medanta Hospital индийскай хампаанньа хос тэрийээччитэ Саха сиригэр уонна Бурятияҕа бырайыактары олоххо киллэрэр сыаллаах Россиятааҕы юридическай сирэй тэрийэр», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Саха сиригэр «Меданта» хампаанньа онкоскрининг кииннэрин тэрийэр былааннаах. Өрөспүүбүлүкэ былааһа интэриэстээҕин биллэрдэ. Алтынньыга Дьокуускайга хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ кэлэ сылдьыбыттара. Манна «Меданта» Саха сиригэр медицина инфраструктуратын, ханнык өҥөлөргө ордук наадыйыы баарын үөрэппитэ.
This post was published on 16.12.2019 10:02 10:02