Абый улууһун Белай Гора бөһүөлэгин аттыгар баар Оҕус Бастаах диэн сиргэ Индигиир өрүскэ 1966 с.т. эр киһи уонна 1966 с.т. дьахтар өлүктэрэ көһүннэ. Бу туһунан ИДьМ Абый улууһунааҕы отделыгар балаҕан ыйын 29 күнүгэр иһитиннэрии киирбитин туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Өлүү түбэлтэлээх быһылаан тахсыбыт биричиинэтинэн – оҥочо түҥнэстибитэ буолар. Өлүктэри булуохтарын иннинэ, өрүскэ мотуордаах оҥочо сорох чааһа, мал-сал уста сылдьарын көрбүттэр.
Санатан сурудахха, Абый улууһугар уонна атын 13 хотугу улууска кыра суудуналарга уунан сырыы балаҕан ыйын 25 күнүгэр сабыллыбыта.
Саха сирэ
This post was published on 02.10.2024 11:01 11:01