Инбэлииттэри буостуктааччыларга төлөбүрү олохтооһун судургутуйуоҕа

Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтэ инбэлииттэри көрөр үлэлээбэт дьоҥҥо төлөбүрү анааһын процедуратын судургутутарга этии оҥордо. Бырабыыталыстыба уурааҕын бырайыага нуорма-быраап акталарын порталыгар бэчээттэннэ диэн, «Парламентская газета» суруйар.


Бырайыакка этиллэринэн, өҥөнү электроннайдык ылыыга докумуон аҕыйыахтаах — үксэ биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы үлэнэн ситиһиллиэхтээх.

Инбэлиити көрүүгэ баҕатын биллэрбит 14-тэн үөһэ саастаах оҕо эбэтэр устудьуон төрөппүтүттэн эбэтэр опека уорганыттан көҥүл ылара ирдэммэт. Манна өскөтүн үөрэҕэр инбэлиити көрүүтэ мэһэйдиир буоллаҕына — төлөбүр тута тохтотуллар диэн нуормаҕа суруллар.

Оҕо сааһыттан 1 группалаах инбэлииттэн ураты 1 группалаах инбэлиити, эмтиир тэрилтэ быһаарыытынан бастайааннай көрүүгэ наадыйааччыны уонна 80 сааһын туолбут кырдьаҕаһы көрөөччү сайабылыанньаны бэйэтэ түһэриэн эмиэ сөп.

Санатахха, инбэлииттэри көрөн олорор үлэлээбэт киһиэхэ ый аайы 10 тыһ солк төлөбүр оҥоһуллара этиллибитэ, сылын аайы төлөбүр суумата индексацияланар.

This post was published on 01.10.2020 16:02 16:02