Инбэлииттэр аан дойдутааҕы күннэригэр аналлаах декада саҕаланна

Саха сиригэр инбэлииттэр аан дойдутааҕы күннэригэр аналлаах декада саҕаланна. Быйыл пандемиянан сибээстээн бары тэрээһиннэр тэйиччиттэн, Интернет көмөтүнэн ыытыллаллар. Бу туһунан үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


Ыйы быһа «Үрүҥ торуоска» аахсыйа чэрчитинэн «Мир на ощупь» челлендж биллэриллэр. «Поможем детям! Коробка храбрости» өрөспүүбүлүкэтээҕи аһымал аахсыйа чэрчитинэн, ким баҕалаах, Медцентр онкогематология салаатыгар эмтэнэ сылдьар оҕолорго оонньуурдары тиксэриэн сөп. Маны таһынан, доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнар тустарынан кураторскай чаастар, «Жизнь без барьеров» хаартысканан күрэх, оскуолаҕа кылаас чаастар, дьыктаан ыытыллыахтара.

Инбэлииттэр аан дойдутааҕы күннэрэ сыллата ахсынньы 3 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бэлиэ күҥҥэ анаан ахсынньы саҕаланыыта доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыыллаллар. Саха сиригэр 58 тыһ тахса инбэлиит олорор, итинтэн 24 тыһ тахсата үлэлиир саастаах дьон.

This post was published on 25.11.2020 15:01 15:01