Инбэлиит оҕолоох ыаллар Сбербаан нөҥүө 0,1%-наах ипотека ылыахтарын сөп

Инбэлиит оҕолоох ыаллар Сбербаан чэпчэтиилээх бырагырааматыгар киирсэн, ипотеканан саҥа тутулла турар дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһыахтарын сөп. «Ипотека с господдержкой для семей с детьми» бырыһыана кыра.


Намтатыллыбыт ставка:

— 0,1% кредит бастакы сылыгар (атыныгар — 4,7%);

— 1% бастакы икки сылга (атыныгар — 4,7% годовых);

— 2,5% кредит устатын тухары.

Стандартнай ставка оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 5%, сделканы электроннайдык оҥордоххо — 4,7%.

Кредит суумата: 12 мөл солк диэри — Москваҕа уонна Москва уобалаһыгар, Санкт-Петербурга уонна Ленинградскай уобаласка; 6 мөл солк диэри — атын регионнарга атыылаһар буоллахха. Бастакы усунуос — 15% атыылаһар дьиэҥ сууматыттан.

Бырагыраама үлэлиир: 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри. Инбэлиит оҕолоохторго 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри.

This post was published on 09.10.2020 18:01 18:01