Инбэлиит оҕолоох төрөппүт тэҥинэн үлэлиэн уонна социальнай төлөбүрүн ылыан сөп

Хаартыска: ЯСИА саайта

Тохсунньу 1 күнүттэн, инбэлиит оҕону көрөр төрөппүт эбэтэр опекун, толорута суох үлэҕэ, ол иһигэр тэйиччиттэн эбэтэр дьиэтигэр олорон үлэлиир буоллаҕына ыйдааҕы социальнай төлөбүрүн ылара сокуонунан бигэргэннэ.

Бу 10 тыһ солк кээмэйдээх ый аайы бэриллэр төлөбүр туһунан этиллэр. Маны 18-гар диэри саастаах инбэлиит оҕону эбэтэр оҕо эрдэҕиттэн 1 группалаах инбэлиит оҕону  көрөөччү ылар.

This post was published on 10.01.2024 12:01 12:01