Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олоҕун тупсарыыга, чэпчэтиигэ туһулуммыт эһиилги үбү үгэс быһыытынан бу сыл ахсынньытыгар күрэс быһыытынан түҥэтиэхтэрэ. Бу туһунан үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Көрүллүбүт үбү инбэлиит дьон уопсастыбаҕа табыгастаахтык сылдьарын тэрийиигэ, тыа сиригэр олорор кыаммат оҕолоох, ыарыһахтаах дьон олорор дьиэлэрин толору хааччыйыыга, улуус тэрилтэлэригэр ыалдьар оҕолор доруобуйаларын туругун тупсаралларыгар анал тэриллэри ыларга туһаныахтара.
Бүтэһик биэс сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити сыалларга уопсайа 58,2 мөл солкуобай көрүллүбүт. Көмөнөн 19 оройуон, ордук Үөһээ Халыма, Горнай, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Ньурба, Таатта, Хаҥалас улуустара, Жатай уокуруга уонна Дьокуускай куорат туһаммыттар. Маныаха инбэлииттэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин үлэлэрэ улахан оруоллааҕын министиэристибэ бэлиэтиир.
Саха сиригэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах эйгэни тэрийии 2012 ыытыллар. 2013 – 2018 сылларга тэрээһиннэр федеральнай үптэн «Доступная среда» диэн судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн үбүлэммиттэрэ.
This post was published on 29.10.2020 11:01 11:01