Инбэлиит - бириигэбэр буолбатах

Саҥа технологиялары үөрэтэллэр

Инбэлииттэри кытта үлэҕэ саҥа технологиялары туттуу салҕаныахтаах уонна олоххо чиҥник киириэхтээх.


Бу туһунан Өлүөхүмэтээҕи реабилитациялыыр кииҥҥэ нэһилиэк баһылыктара, социальнай үлэһиттэр, социальнай педагогтар, психологтар, балыыһа, дьарыктаах буолуу киинин, култуура, үөрэх, спорт үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай тэритэлэр  мустан, «Хамсаныы. Уһун үйэлэнии. Күүстээх өй-санаа» диэн семинарга кэпсэттилэр.

«Семинар чэрчитинэн маастар-кылаастар, дьыалабыай оонньуулар ыытылыннылар. Бу барыта хас биирдии доруобуйатынан хааччахтаах дьону олоххо көҕүлүүр, уһун үйэлээх буоларыгар санаатын күүһүрдэр сыаллаах ыытылынна, онно анаан каарта оҥоһулунна», — диэн СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристиинэ пресс-сэкирэтээрэ Никита Прокопьев иһитиннэрэр.

This post was published on 15.02.2016 11:57 11:57