Новгород уобалаһын Устреке дэриэбинэтигэр ыам ыйын 7 күнүгэр Ильмень күөлү тула Улуу Кыайыыны уһансыбыт саха саллааттарын кэриэстиир сүүрүү түмүктэннэ. Спорт бэтэрээнэ Дмитрий Горохов салайааччылаах бөлөх уопсайа 264 км уһуну факеллаах сүүрдэ.
Сүүрүүгэ нэһилиэк үөрэнээччилэрэ, Санкт-Петербург олохтоохторо кыттыстылар.
Старорусскай муниципальнай оройуон баһылыга Елена Комарова саха оҕолоро олохтоох мусуойдары көрбүттэрин, үөрэнээччилэри кытары көрсүбүттэрин кэпсээтэ. «Биһиги эһэлэрбит, хос эһэлэрбит итинтэн үөрэр буолуохтаахтар. Маннык тэрээһин өрүү хатылана турарыгар баҕарабын», — диэтэ кини.
Жатайдааҕы 2№-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ оскуолаларын бастакы дириэктэрэ Денис Хрисанфович Скрябин аатын көмүллэ сытар Залучье нэһилиэгэр үйэтиттилэр.
Ильмень күөл кыргыһыытыгар охтубут саллааттар аймахтара, спортсменнар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт аймахтарын мэтириэттэрин илдьэ сырыттылар. Сунтаар учуутала Ульяна Яковлева, Ильмень күөлүгэр кыргыспыт Васильев Тит Степанович төрөппүт кыыһа аҕатын туһунан кэпсээтэ, Сергей Васильев-Борогонскай «Ытык Ильмень» баллада-поэматыттан быһа тардан, ааҕан иһитиннэрдэ.
This post was published on 09.05.2021 16:05 16:05