1942 сыл олунньу 23 күнүгэр Новгородскай уобалас Старай Руссатын босхолооhун уоттаах кыргыhыытыгар, Ильмень күөл хоту өттүнэн киириигэ 300 саха буойун хайыhардьыт уолаттара быстах өлүүгэ охтубуттара. Кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэ бэҕэhээ тиийбит саха сирин сүүрүктэрин бөлөҕө бүгүн 250 км. дистанцияҕа Ильмень күөлү эргийэ сүүрүүнү саҕалаатылар.
Ол сэриигэ 12-с гвардейскай стрелковай корпуc хайыhардьыттарын 19-сус састаабыгар киирбит 597 саха уола кыттыбыт. Хара буулдьа ыйылыыр уоттаах күнэ, биир суукка иһигэр 300 саха уолун олоҕун тимирдибитэ. Өстөөҕү сууhаран төрөөбүт алааспытыгар, дьоммутугар эргиллиэхпит диэн ыра санаа кынаттаах, Ийэ дойду иhин
сэрии толоонун байҕалыгар дьоруойдуу охтубут саха буойуттарын сырдык аатыгар бүтүн саха норуота сүгүрүйэр.
Бөлөҕү СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэhитэ, спорт бэтэрээнэ уонна чөл олоҕу көҕүлээччи Дмитрий Николаевич Горохов салайар. Сүүрүүгэ спортсменнар, сүүрүү кулууптарын чилиэттэрэ, марафонецтар – Ульяна Окорокова, Айгуль Михайлова, Александра Митина, Гаврил Филиппов, Аян Николаев кытталлар.
Сүүрүү саҕаланна.
This post was published on 06.08.2020 18:01 18:01