Чурапчы улууһугар “Суолга көмө” сулууспа арылынна. Илин эҥэр улуустарын айан суолларыгар тырааныспар алдьаннаҕына көмөлөһөр, өйүүр соруктаахтар, СИА-ҕа улуустааҕы пресс-сулууспа иһитиннэрдэ.
«Сулууспа өҥөтө тымныылар кэмнэригэр олус көдьүүстээх. Чурапчы олохтоохторо Константин Фомин уонна Егор Колмогоров бу дьыаланы саҕалаатылар. Билигин илин эҥэр айанньыттара суолга алдьанар түгэннэригэр көмө тута баар буолуоҕа», — диэтэ Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын.
Константин Фомин эппитинэн, маннык толкуй өссө былырыын киирбит. Кини бэйэтэ ыраах айан суоппара.
«Маннык өҥөнү Аллараа Бэстээххэ уонна Тааттаҕа туһаналлар. Биһиги сулууспабыт илин эҥэр улуустары барыларын хабар. Айанньыттартан көмө көрдөөһүн киирдэ да, биһиги тута онно айанныыбыт. Техниканы өрөмүөннээһинтэн саҕалаан, итии чэйи биэриигэ тиийэ оҥоробут”, — диэтэ предприниматель.
Фомин эппитинэн, кини рейстарга сылдьар кэмнэригэр маннык сулууспа суоҕа. Алдьанар түгэнигэр билэр-билбэт дьонугар барыларыгар телефоннуу сатыыра. Кимтэн эрэ ититэр пушка көрдөөн, кимтэн эрэ бириһиэн уларсаары. Барыта туспа история. Ардыгар атын улуус чайнойугар хас эмэ хоноро. Онон сылтаан бу маннык сулууспаны тэрийэр туһунан толкуйдаабытын кэпсиир.
This post was published on 26.01.2021 16:01 16:01