Сэтинньи ыйа саҕаланан Сунтаар улууһун нэһилиэктэринэн муҥха тэриллэр. Өбүгэ үгэһин тутуһан, ураты сонун муҥха бу өрөбүллэргэ Илимнииргэ буолла.
Илимниир нэһилиэгэр ыраахтан-чугастан уопсайа кыралыын-улаханныын 300-чэ киһи тоҕуоруста. Олохтоох баһылык ыҥырыытынан Сунтаардааҕы сокуоннай саастарын туола илик оҕолору реабилитациялыыр «Кэскил» киин (сал. Альбина Афанасьевна Прокопьева) муҥхаҕа кыттыыны ылла. Тэрилтэ бииргэ үлэлэһэр дьиэ кэргэттэрин оҕолорун илдьэ кэлэн, өбүгэ үөрүйэхтэригэр уһуйдулар.
Эбэ барахсан кинилэргэ көмүс хатырыктааҕыттан өлгөмнүк бэристэ. Муҥхаһыттарга итии ас-үөл тохтоло суох киирэ турда. Бу маннык олус тэрээһиннээх муҥханы эдэр баһылык Ипатий Иванов көҕүлээтэ. Дьаһалта үлэһиттэрэ нэһилиэк дьонун-сэргэтин кытта тэрийбиттэрэ сунтаардарга үтүө сурах буолан тарҕана, холобур буола сылдьар.
Ааптар: Юлия АЛЕКСЕЕВА, СУНТААР.