Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 40-тан тахса дойду кыттыаҕа

Хаартыска: «Росконгресс» пуондата

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 40-тан тахса дойду кытталларын бигэргэттилэр. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум Владивосток куоракка бу сыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэрУһук Илиннээҥи федеральнай университет былаһааккатыгар буолуоҕа. Пуорум тэрийээччитэ — «Росконгресс» пуондата.

«Билиҥҥи туругунан пуорумҥа бэйэтин кыттыытын 4200-тэн тахса киһи уонна 40-тан тахса араас дойду бигэргэттэ. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум бүгүн Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэҥҥэ стратегическай уонна бииргэ үлэлээһиҥҥэ биир сүрүн суолталаах дьыалабыай былаһаакката буолар. Пуорумҥа туһаныллар мэхэньииһимнэр  макроэрэгийиэн сайдыытын секторын быһаарар уонна Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэнин судаарыстыбаларын интэриэстэригэр быһаарыыны ылыныы биир сүрүн киининэн ыстаатыһын олохтуур. Пуорум Уһук Илин сайдыытыгар эмиэ улахан сабыдыаллаах. Инвестордар пуорумҥа уокурук субъектарын кыахтарын кытта билсэллэр, бастатан туран, аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй кооперациятын территорияларынан буолаллар. Бу барыта Уһук Илин эрэгийиэн олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ быһаччы дьайар», — диэн дойду Бэрэсидьиэнин сүбэһитэ, пуоруму бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга тэрийэр кэмитиэт эппиэттээх сэкирэтээрэ Антон Кобяков бэлиэтиир.

Саха сирэ

This post was published on 29.08.2024 10:12 10:12