Ил Түмэн уочараттаах мунньаҕа муус устар 23-24 күннэригэр буолуоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Саха сирин парламенын алтыс уочараттаах мунньаҕын ыҥырар туһунан дьаһалга илии баттаата.

Докумуоҥҥа сурулларынан мунньах муус устар 23-24 күннэригэр буолар. Олохтоох бириэмэнэн 10.00 чааска саҕаланар.

This post was published on 20.03.2024 11:29 11:29