Ил Түмэн: Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин өрө тутар кэм кэллэ

Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтэ тэрийбит “төгүрүк остуолугар” агропромышленнай комплекс үлэһиттэрин өйөөһүн тула кэпсэттилэр. Мунньаҕы кэмитиэт салайааччыта Андрей Находкин салайан ыытта.

Андрей Находкин киирии тылыгар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр социальнай өйөбүл боппуруоһа сытыытык турарын эттэ.

“Бырабыыталыстыба чаастарыгар”, парламент истиилэригэр, пленарнай мунньахтарга бу тиэмэ өрүү дьүүллэһиллэр. Киирбит этиилэр хонтуруолга сылдьаллар. Ол курдук, 2020 сыл олунньу 27 күнүнээҕи парламент истиилэрин эрэкэмэндээссийэлэрэ толору туолбатахтарын бэлиэтээтилэр.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит – аграрнай. Тыа хаһаайыстыбатын кытаанах килиимэт усулуобуйатыгар сайыннара сатыыбыт. Онон Андрей Михайлович агропромышленнай салаа биир сүрүн сыалынан социальнай өйөбүлү күүһүрдүү буоларын тоһоҕолоон эттэ.

Быйыл дьокутааттар өйөбүллэринэн уонна этиилэринэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үбүлээһин биллэ улаатта. Оттон билиҥҥи сааҥсыйалаах  уустук балаһыанньаҕа бэйэ оҥорон таһаарыыта өссө улахан суолталанна.

Эбии төлөбүрдэр

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Петр Попов сүрүн дакылааты оҥордо.

—Бүгүҥҥү күҥҥэ министиэристибэ тыа хаһаайыстыбатын уонна тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагыраамаларын сүрүннүүр. Маныаха үс салаа социальнай өйөбүлгэ туһуланар: эдэр исписэлиистэргэ эбии төлөбүр, АПК үлэһиттэригэр санаторнай-курортнай эмтэниигэ чэпчэтиилээх путевкалар, дьиэ тутталларыгар көмө.

35-тэригэр диэри саастаах, маҥнай ылбыт квалификациятынан үлэҕэ киирбит эдэр исписэлиискэ үлэ биэрэр тэрилтэтэ биирдэ харчынан төлөбүр (ЕДВ) оҥорор. 2012 сылтан 2019 сылга диэри ити ЕДВ суумата уларыйбатах. 2020 сылга 1,5 төгүл үрдээн, 6-15 тыһыынчаттан 9-22,5 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит. Харчы кээмэйэ үөрэх таһымыттан, итиэннэ хоту эбэтэр Аартыка оройуона буоларыттан тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 13 аартыкатааҕы улуус баар. Хоту оройуоннарга 2 национальнай нэһилиэк киирсэр: Кэбээйи Сэбээн Күөлэ уонна Томпо Тополинайа — баларга улахан таба иитэр хаһаайыстыбалар таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

2012-2021 сылларга ЕДВ ылыытыгар 1572 сөбүлэҥ түһэрсиллибит, 193 сөбүлэҥ үс сылга уһатыллыбыт. Маныаха СӨ бүддьүөтүттэн 345 мөл. солкуобай көрүллүбүт. ЕДВ сыллааҕы үбүлээһинэ былырыын 31,8 мөл. солкуобайга тэҥнэспит, ону 386 исписэлиискэ үллэрбиттэр.

ЕДВ кээмэйэ улааппыта үчүгэй көрдөрүүлээх буолбут: 2019 сыллахха Аартыка уонна хоту оройуоннарга 29 сөбүлэҥ түһэрсиллибит эбит буоллаҕына, 2021 с. — 83. Олортон саамай элбэх эдэр исписэлиистээхтэр:  «Булунское» МУП – 16, «Сэбээн» ГУП — 14, Томпо оройуонугар Спиридонов аатынан МУП уонна «Фактория» СПК — 13-түү. Анал идэлээх ахсаана 75 киһиттэн 142-гэ диэри улааппыт. Холобура, ЕДВ ылар эдэр табаһыттар  16 киһиттэн 73 буолбуттар.

Ол эрээри эдэр уолаттар аармыйаҕа сулууспалыы бардахтарына, сөбүлэҥнэрэ көтөрүллэр, кэлэн да баран, хаттаан түһэрсибэттэр. Ол сокуон ирдэбилинэн: ылбыт квалификацияларынан аан маҥнай үлэҕэ киириилэрэ буолбатах диэн.

Маны тэҥэ сорох түбэлтэҕэ таба иитиитинэн дьарыктанааччылар ыал буолан холбостохторуна, сөбүлэҥнэрэ эмиэ күүһүн сүтэрэр. Оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн баран, үлэҕэ тахсарга эмиэ боппуруостар үөскүүллэр. Ол иһин 1869-с нүөмэрдээх ыйаахха  уларыйыылары киллэриигэ үлэлэһэбит. Ол курдук, ЕДВ төлөбүрүн «Молодой аграрник» диэҥҥэ көһөрөргө толкуйдуубут.

Быйылгыттан эдэр исписэлиистэргэ ЕДВ-ны анааһын электроннай көрүҥүнэн барыа, оччотугар өҥөнү e-yakutia.ru саайт нөҥүө ылыахха сөп буолар.

Санаторнай эмтэнии

—Санаторнай-курортнай эмтэниилэргэ чэпчэтиилээх путевкалары туһанар идэлэр испииһэктэрэ 20-ҕэ диэри кэҥээбит. Путевка сууматын 80%-ын СӨ бүддьүөтүттэн толуйаллар. Аартыка уонна хоту улуустарга үлэлээччилэргэ эбии эмтэнэр сиргэ барар-кэлэр ороскуот 100%  төлөнөр.

2017-2021 сылларга маннык чэпчэтиилээх путевканан 385 киһи туһанна. Маныаха СӨ бүддьүөтүттэн 20 мөл. солкуобай көрүлүннэ.  Судаарыстыбаннай хантараагы Саха Сирин 3 санаторнай-курортнай тэрилтэтин, Москуба уобалаһын «Бэс Чагда» санаторийын кытары дуогабар түһэрсэллэр. Икки бүтэһик сылга, пандемия содулуттан, чэпчэтиилээх путевка бэриллиитэ лаппа аччаата. Ол курдук, 128-тан 21 эрэ буолла.

АПК үлэһиттэрэ атын уорганнарын эмиэ көрдөрүнүөхтэрин, эмтэниэхтэрин баҕараллара чуолкай. Онон быйыл Алтай кыраайын санаторнай-курортнай тэрилтэлэрин кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Маныаха биир куойка-миэстэ сыаната 5 804 солкуобайга тэҥнэстэ. 18 күннээх путевка быйыл 75 тыһ. солк. буолар.

Чэпчэтиилээх путевкалары биэрии Бэрээдэгэр уларыйыылары киллэрэргэ уураах бырайыагын бэлэмнээтибит. Бастатан туран, оройуоннар икки ардыларыгар такси ороскуотун толуйуу. Иккиһинэн, эмтэнии болдьоҕун 18-тан 14 күҥҥэ диэри аччатыы. Үсүһүнэн, чэпчэтиилээх путевканан туһанар идэлэр испииһиктэрин 20-тэн 48 диэри элбэттибит. Билиҥҥи туругунан уураах министиэристибэлэринэн сөбүлэһиигэ сылдьар.

Сыыйа путевка сыанатын толуйууну 100% гыныахпыт. Бу чэпчэтиинэн туһаныыга 2 национальнай нэһилиэги киллэрэр сорук турар: Сэбээн Күөлүн уонна Тополинайы.

Дьиэ тутуутугар субсидиялар

«Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» федеральнай судаарыстыбаннай бырагырааманан 2003-2021 сылларга 5244 дьиэ үлэҕэ киирбит. Уопсай иэнэ 383 тыһ. кв.м — бу Саха Сирин тыатын сиригэр киирбит дьиэлэр 16%-арыгар тэҥнэһэр (2,3 мөл. кв. м). Саамай элбэх тутуу Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Сунтаарга, Намҥа барда. Бу өйөбүл маассабайдык тыаттан көһүүнү син тутта. Ол курдук, 18 сыл иһигэр 2 бырыһыан түһүү баар, оттон дойду үрдүнэн бу көрдөрүү 4,5 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр.

2020 сылтан тыа сирин биир кэлим сайыннарар саҥа бырагыраама киириэҕиттэн үбүлээһин лаппа аччаата. Ол курдук, холобур 2019 сыллаахха 409 дьиэ киирбит эбит буоллаҕына, былырыын – 21, оттон быйылгы лимииппит – 2 эрэ дьиэ. Ол оннугар тыа сирин ипотеката баар буолла. Кирэдьиит сыллааҕы бырыһыана – 3, маҥнайгы усунуоһа — 10 бырыһыан. Икки бүтэһик сылга Саха Сирин үрдүнэн Россельхозбаан нөҥүө 306 ипотека оҥоһуллубут. Оттон Сбербаан нөҥүө – 149.

Миниистири солбуйааччы эппитинэн, бу ипотека биир сүрүн ирдэбилэ – дьиэ анна таас буолуохтаах. Онон туһанааччылар улуус киинигэр эбэтэр кыра куораттарга (Бүлүү, Покровскай уо.д.а) саҥа дьиэни ыларга күһэллэллэр. Чэпчэтиилээх ипотека атын көрүҥэ – Уһук Илин 2%-наах ипотеката. Маныаха эдэр ыччат эмиэ киин сирдэргэ кыбартыыратын ыла сатыыр.

Чэпчэтиилээх ипотека маҥнайгы сылыгар 3 тыһыынча кирэдьиит бэрилиннэ. Уопсай суумата — 12 млрд солкуобай. Мантан тыа сиригэр — 180, ол 6 бырыһыантан кыра. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ хамнастара кыратын иһин аанньа туһамматтар.

Манан сиэттэрэн, РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр тыа сиригэр дьиэ тутуу бырагырааматын үбүлээһини 2019 сыл таһымыгар хаалларарга үлэлэһэллэр. «Уһук Илин гектар» кыттыылаахтара уонна тыа хаһаайыстыбатын 35 саастарыгар диэри саастаах үлэһиттэрэ туһаналларыгар анаан.

Муниципальнай уопсай дьиэлэри тутууга саҥа субсидия көрүлүннэ. Бу көмө муниципалитеттар истэригэр анал куонкуруһунан бэриллэр. 2020 сыллаахха икки 4 кыбартыыралаах дьиэ уонна 3 оройуоҥҥа биирдии дьиэ үлэҕэ киирдэ. Ааспыт сылга — 2 дьиэ, маны тэҥэ 3 оройуоҥҥа 2-лии уонна 4-түү кыбартыыралаах дьиэлэр. Быйылгы сүүмэрдээһин түмүктэннэ. Үбүлээһин Үөһээ Бүлүү Баҕадьа нэһилиэгэр 4-кыбартыыралаах дьиэ тутуутугар барыаҕа.

Биэнсийэлээхтэргэ өйөбүл

Биэнсийэ пуондатын Саха Сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов иһитиннэрбитинэн, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбиттэргэ фиксированнай төлөбүр 2022 сыл олунньу 1 күнүнээҕи туругунан 3366 биэнсийэлээххэ бэриллибит. Төлөбүр усулуобуйата уларыйбатах: 30 сыл устата тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит, үлэҕэ ананыы кэмигэр тыа сиригэр олорор, атын ханна даҕаны эбии үлэлээбэт буолуохтааххын. Быйылгыттан тыа сириттэн киин сиргэ көстөххүнэ даҕаны, бу үрдэтэн ааҕыы оннунан хаалар.

Социальнай хантараак

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччыта Афанасий Постников:

—2021 сылга 5044 социальнай хантараакка илии баттаммыт, бу сыалга 520,4 мөл. солкуобай көрүллүбүт, ол иһиттэн федеральнай бүддьүөттэн — 248,6 мөл солкуобай. Үлэ көрдөөһүнүгэр – 381, урбаанньыт буолууга – 934, кэтэх хаһаайыстыбаны тэрийиигэ – 485, олох ыарахан балаһыанньатын туоруурга – 3244 хантараак түһэрсиллибит.

Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, нэһилиэнньэни бу уустук кэмҥэ өйүүр сыалтан социальнай хантараак үбүлээһинэ улааппыт. Ол курдук, бэйэ дьыалатын сайыннарыыга 300 тыһ. солк., кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга 250 тыһ. солк.буолбут. Саҥа көрүҥ киирбит — кулун тутар 1 күнүттэн үлэтэ суох хаалбыттарга эмиэ көмө баар буолбут.

Үлэ көрдүүр киһиэхэ чопчу көмөлөр оҥоһуллаллар: социальнай хантараак түһэрсэригэр, үөрэнэригэр, стипендия ыларыгар, стажировка барарыгар. 2021 сыл устата 100 киһи идэҕэ үөрэммит, 188 киһи үлэлэммит.

2022 сылга социальнай хантараак түһэрсиитигэр 616,4 мөл. солкуобай көрүллэрэ былааннанар, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн — 293,6 мөл. солкуобай. Үлэ көрдөөһүнүгэр уонна олох ыарахан түгэнин ааһарга социальнай хантараак түһэрсибиттэр ыйдааҕы төлөбүрдэрэ I зонаҕа – 24 369,0 солк., II зонаҕа – 20 411,0 солк.

Дьокутааттар туруорсаллар

Парламент вице-спикерэ Антонина Григорьева дойдуга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын үс гыммыт биирин оҥорон таһаарар кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ханнык өйөбүлүнэн туһаналларын туоһуласта. Кинилэр оҕуруот аһын олордуунан, үүтү, эти оҥоруунан дьарыктаналлар.

Хомойуох иһин, судаарыстыбаттан биир даҕаны өйөбүлү ылбаттар. Больничнай, уоппуска төлөммөт. 2022 сылтан “самозанятайынан” регистрацияламмыт кэтэх хаһаайыстыбалаахтар быйылгыттан судаарыстыбаннай өйөбүлүнэн туһаныахтаахтар. Маныха РФ уураҕар илии баттанан турар.

Петр Попов быһаарбытынан, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар страховой усунуос төлөөбөттөр, онон сокуон хараҕынан судаарыстыбаннай өйөбүлүнэн туһанар бырааптара суох. Ол эрээри биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр былырыыҥҥыттан кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ыанньык ынах төбөтүгэр субсидия ылар кыахтаннылар. Аҥаардас бу сыалга быйылгы СӨ бүддьүөтүттэн 1 млрд. 278 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Быйыл барыта 9 715 кэтэх хаһаайыстыба туһаныа. Маны тэҥэ 1 лиитэрэ үүт туттарыытын алын кээмэйэ 35 солкуобайтан 50 солкуобайга диэри улаатта.

Феодосия Габышева биэнсийэҕэ эбии төлөбүр ылар үлэһиттэр испииһэктэригэр тохтоото. Сокуон эрэгийиэн уратытын учуоттуохтааҕын бэлиэтээтэ. Маны тэҥэ агрохайысхалаах оскуолалар судаарыстыбаннай өйөбүлү тоҕо ылбат буолбуттарын ыйыталаста.

Георгий Степанов быһаарбытынан, Ил Түмэн парламентскай истиилэрин эрэкэмэндээссийэтинэн, 2019 сыллаахха үлэһиттэр испииһэктэригэр 4 идэ эбии киирбит — диспетчер, лаборант, эпизоолог-быраас, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар урбаанньыт. Маны тэҥэ «рабочие всех наименований» диэн испииһэккэ арыы сыаҕын үлэһиттэрин киллэрэллэр.

Биэнсийэ анааһын ымпыга-чымпыга элбэх. Сопхуостар эстибит кэмнэригэр, архыыпка докумуон туттарыллыбатаҕын түмүгэр, ыстааһы бигэргэтэргэ кэккэ уустуктар баалларын ыйда.

Агрооскуолалары үбүлээһиҥҥэ «ЦРО АПК» салайааччыта Семен Плотников эппиэттээтэ. 2016 сыллаахха федеральнай сокуоҥҥа уонна РФ Үпкэ кодексыгар уларыйыылар киирбиттэр. Манна олоҕуран, субсидия судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэр тэрийээччилэригэр (учредителлэргэ) эрэ бэриллэр. Онон 2016 сылтан тыа хаһааайыстыбатын министиэристибэтэ агрохайысхалаах оскуолаларга субсидия биэрэр кыаҕа тохтообут. Манан сиэттэрэн, агрохайысхалаах оскуолаларга кэпэрэтииптэри, фермерскэй хаһаайыстыбалары тэрийэргэ этии киллэрбиттэр. Оччотугар судаарыстыбаннай көмөнү толору туһанар кыахтаналлар. Оттон сир учаастактарын биэриини олохтоох даһалта быһаарар.

“Төгүрүк остуол” түмүктэринэн эрэкэмэндээссийэлэр оҥоһулуннулар. Олору ситэри үөрэтэн баран, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, министиэристибэлэргэ уонна биэдэмистибэлэргэ тиэрдиллиэхтэрэ.

Ааптар: Галина Матвеева, https://www.sakhaparliament.ru

This post was published on 18.04.2022 14:01 14:01