Ил Түмэн спикерэ: «Уһук Илин гектарын туһунан» сокуону олоххо киллэрии өрөспүүбүлүкэ интэриэһинэн салайтарыахтаах

От ыйын 27 күнүгэр Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Госдума дьокутаата Галина Данчикованы кытары «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр РФ субъектарын сиригэр-уотугар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан итиэннэ Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сыһыаннаах сүбэ мунньаҕы ыыттылар. 


Мунньаҕы саҕалыырыгар Александр Жирков Уһук Илин гектарын туһунан былырыын ыам ыйыгар ылыллыбыт федеральнай сокуон Госдумаҕа үстэ көрүллүбүтүн, билигин да ырытыыга сылдьарын, элбэх уларытыы киирбитин кэпсээтэ. Холобур, Госдума үһүс пленарнай мунньаҕар Ил Түмэн киллэрбит этиилэрэ, ол иһигэр ойуур пуондатыгар уонна бултуур сиргэ-уокка сыһыаннаах көннөрүүлэр көрүллүбүттэрин итиэннэ сороҕо учуоттаммытын, чуолаан бултуур сиргэ-уокка сир учаастага бэриллибэт буолбутун туһунан кэпсээтэ.

Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыы миниистирэ Евгения Григорьева этэринэн, билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан сир учаастагын ыларга 18 тыһ. 34 сайаапка киирбит, 4 тыһ. 38 дуогабар оҥоһуллубут. Оттон атын эрэгийиэннэргэ олорор гражданнартан 225 сайаапка киирбит, түөрт дуогабар түһэрсиллибит. Итинэн өрөспүүбүлүкэ иһигэр сири-уоту сүрүннээн олохтоохтор ыла сатыыр эбиттэр.

Галина Данчикова сокуону олоххо киллэриигэ урут тутуллар түһүмэхтэргэ тохтоото. Ол курдук, сир учаастагын быһыытынан бэриллиэ суохтаах бултуур учаастактары туох ханнык иннинэ быһаарар наадатын бэлиэтээтэ.

Ил Түмэн сиргэ сыһыаннаһыыга, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев бултуур сири туһанааччылары кытары үлэни күүһүрдэргэ, кинилэри кытары сөбүлэһии түһэрсэргэ итиэннэ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ бултуур сирдэр схемаларын оҥорорун, реестрга киллэрэрин ирдииргэ эттэ.

Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин чахчытынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 365 бултуур сири туһанааччы (86 биирдэм урбаанньыт, 279 юридическай сирэй) баар эбит.

Спикер Жирков «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр РФ субъектарын сиригэр-уотугар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» федеральнай сокуоҥҥа этиилэри киллэрэргэ анаан былырыын, Галина Данчикова бырабыыталыстыбаны салайан олорор кэмигэр, тэриллибит бырабыыталыстыба оробуочай бөлөҕүн үлэтин күүһүрдэргэ итиэннэ састаабын кэҥэтэргэ эттэ.

Уһук Илин гектарын туһунан сокуон тиһигин быспакка ырытыллар, эбии-көннөрүү киллэриллэ турар, ол тэтимиттэн хаалбат туһугар оробуочай бөлөх быстыбакка үлэлиирэ ирдэнэр. Быһаарыыны эрэйэр боппуруос элбэх, онон, үлэ суһаллык, эрчимнээхтик эрээри, кэнникитэ охсуулаах буолбатын туһугар олус ыксаабакка, өйдөөн-төйдөөн ыытыллыахтаах. Саамай сүрүнэ – биһиги киллэрэр этиилэрбит өрөспүүбүлүкэбит айылҕатын, килиимэтин уонна этнология өттүнэн уратыларын барытын учуоттаан оҥоһуллуохтаахтар, – диэтэ мунньаҕы түмүктүүрүгэр Александр Жирков.

This post was published on 31.07.2017 10:24 10:24