Чолпон-Ата куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ, «Аан дойду норуоттарын эпостара» Аан дойдутааҕы ассоциация вице-президенэ Александр Жирков Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Алмазбек Атамбаевы кытта от ыйын 22 күнүгэр көрүстэ.
Көрсүһүү «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форум чэрчитинэн Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын Судаарыстыбаннай резиденциятыгар буолла.
«Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форум от ыйын 20-22 күннэригэр Кыргызстан киин куоратыгар Бишкеккэ уонна Чолпон-Ата куоракка ыытылынна.
Бу Алтаай-түүр тыллаах омуктары түмэр норуоттар икки ардыларынааҕы маннык үрдүк таһымнаахтык аан бастаан тэриллэр форумҥа 12 араас дойду бээрстэбиитэллэрэ кытыннылар. Ил Түмэн спикерэ бу форумҥа ыҥырыыны бэс ыйын 20 күнүгэр Москва к. Росссия Федерациятын Президенэ В.В.Путин Кремльгэ Кыргызстан Президенэ А.Атамбаев чиэһигэр тэрийбит көрсүһүүтүгэр кыттыыны ылар кэмигэр туппута.
Алмазбек Атамбаев Александр Жирковка Алтаай цивилизациятын форумугар Саха сирин делегациятын салайан кыттыбытын иһин махталын эттэ. Көрсүһүү кэмигэр Кыргызстан Президенэ уонна Ил Түмэн спикерэ Кыргызстан уонна Саха сирин икки ардыларыгар культурнай сыһыан кэнники кэмҥэ кэҥээн иһэрин бэлиэтээтилэр. Онуоха сүрүн ситимниир төрүтүнэн биһиги норуоттарбыт ааспыт кэмнээҕи историялара, уруулуу тыллара, культуралара буолар. Билиҥҥи кэмҥэ бу сыһыаннар Саха норуотун чаҕылхай уолун, Кыргызстан уонна Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттэспит М.К.Аммосов аатын кытта ыкса ситимнээхтэр. Максим Аммосов 1937 с. Киргизия компартиятын бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ, Кыргызстаны союзнай республиканан биллэрэр бастакы Конституцияны ылынар мунньаҕы салайбыта. Кыргызстаҥҥа үлэлиир кэмигэр Максим Кирович олохтоох кадрдары, ол иһигэр билиҥҥи кэм улуу гуманист-суруйааччыта Чингиз Айтматов аҕатын Торекул Айтматовы салайар үлэҕэ таһаарарга дьаныһан үлэлээбитэ. 1937 сыллааҕы репрессия ыарахан күннэригэр саҥа үүнэн эрэр национальнай интеллигенцияны сорунуулаахтык уонна эрдээхтик көмүскэспитэ.
Саха чаҕылхай уола Кыргызстаҥҥа үлэлээбит кэмин сөптөөхтүк уонна кырдьыгынан сырдатыыга, Максим Аммосов аатын Кыргызстан норуотугар чугас оҥорорго кэнники кэмҥэ улахан үлэ ыытылынна. Ол түмүгэр Максим Аммосов Орто Азияҕа, Кыргызстаҥҥа үлэтин кырдьыктааҕынан көрдөрөр кинигэлэр таҕыстылар, Кыргызстан интеллигенциятын өйөөһүнүнэн Бишкек куоракка М.К.Аммосовка пааматынньык туруорулунна. М.К.Аммосов Кыргызстаҥҥа үлэтин туһунан кинигэҕэ Александр Жирков көрдөһүүтүнэн Кыргызстан Президенэ Алмазбек Атамбаев бэйэтэ киирии тыл суруйбута.
Алмазбек Атамбаев Александр Жирковка тус бэйэтигэр Максим Кирович аатын кыргыз норуотугар ордук чугас оҥорууга, саха норуотун чаҕылхай уолун аатын Кыргызстаҥҥа үйэтитиигэ өр сыллаах үлэтин, көмөтүн иһин махталын биллэрдэ. «М.К.Аммосов биһиги норуоппут үөрэх-сайдыы суолугар киирэрин, туруктаах экономикалаах, бэйэтэ салайар кадрдардаах буоларын туһугар биһигини тас өттүттэн кэлэн салайбыт дьонтон барыларыттан уһулуччу кыһаллан үлэлээбитэ. Ону билигин норуоппутугар дьэҥкэтик тириэрдэр, өйдөтөр кыах үөскээтэ. Бу улахан, биһиги норуоттарбыт сыһыаннарыгар быһаарар суолталаах үлэҕэ эн анаан ылсыһан үлэлиигин. Кыргыз интеллигенциятын ортотугар Максим Аммосов аата улам улахан өйөбүлү ылар буолан иһэр», – диэтэ Кыргызстан Президенэ.
Бэйэтин харда тылыгар Александр Жирков: «Билиҥҥи кэмҥэ түүр тыллаах уруулуу омуктар арахсар-тэйсэр суолу буолбакка, өйдөһөр, хардарыта өйөһөр суолу тобуларга дьулуһаллара ордук кэскиллээх. Билигин, глобализация үйэтин дьалхааныгар хас биирдии омук дьылҕата омук бэйэтин эрэ кыһалҕатыгар бэриллэр кэмигэр уруулуу омуктар, норуоттар бэйэлэрин тылларын, культураларын, төрүт үгэстэрин хардарыта харыстаһар, көмөлөсүһэр ньымалары көрдүөхтээхтэр. Онуоха ытыктабыллаах Алмазбек Шаршенович, эн көҕүлээһиҥҥинэн тэриллибит «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» форум биир улахан суолталаах олук буолуоҕа», – диэн эттэ.
Саха сирэ Евразия норуоттарын эпостарын киинин тэрийэр туһунан көҕүлээһинэ ЮНЕСКО өйөбүлүн ылан, үйэлэргэ харыстаан кэлбит олоҥхотун сэргэ. атын омуктар тылынан уус-уран баайдарын сөргүтүүгэ уонна сайыннарыыга аан дойду таһымыгар бастакы хардыыны оҥордо. Ил Түмэн спикерэ Кыргызстан Президенигэр бу ЮНЕСКО бырайыагын өйүүрүгэр көрдөстө.
Салгыы Алмазбек Шаршенович уонна Александр Жирков «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» форум этиилэрин сорох боппуруостарыгар санааларын атастастылар. «Бу форумҥа этиллибит санаалар төһө тэтимнээхтик өйөнөллөрө ыаллыы дойдулар, ол иһигэр Турция, Казахстан өттүттэн, балайда тутулуктаах буолуоҕа», – диэтэ Александр Николаевич. Ил Түмэн спикерэ Чингиз Айтматов аар-саарга аатырбыт «Джамиля», «Төрөөбүт ийэ хонуум», «Маҥнайгы учуутал», «Тэбиэн хараҕа», «Муора кытылынан сүүрэр эриэн ыт» айымньылара сахалыы тылбаастаммыт кинигэтин уонна соторутааҕыта Саха сиригэр буолан ааспыт Кыргызстан литературатын уонна искусствотын күннэригэр анаан тахсыбыт кыргыз суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбааһын Кыргызстан Президенигэр бэлэхтээтэ.
This post was published on 01.08.2017 15:52 15:52