Парламент бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев өрөспүүбүлүкэ баһылыга судаарыстыбаннай былаас толоруулаах уорганын 2023 сыллааҕы үлэтин түмүгүн, ол иһигэр Ил Түмэн туруорбут боппуруостарын толоруутун туһунан отчуотун комментарийдаата.
Алексей Еремеев эппитинэн, депутаттар бырабыыталыстыба үлэтин үрдүктүк сыаналаатылар. 2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 74 миллиард солк национальнай бырайыактарынан киирдэ. 2023 сылга тастан киллэрии суумата баар таһымыгар хаалла, бу регион баһылыга Россия бырабыыталыстыбатын кытта үлэлиирин көрдөрөр, ол түмүгэр нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсар.
Спикер бэлиэтээбитинэн, Саха сирин судаарыстыбаннай иэһин таһыма салайыллар таһымҥа хаалар, бу сайдыыга сөптөөх усулуобуйаны оҥорор.
«Өссө биир бырабыыталыстыба сүрүн аспегынан сир баайын оҥорон таһаарааччылары кытта үлэ буолар. Кэлиҥҥи кэмҥэ элбэх социальнай-экономическай сайдыы туһунан сөбүлэҥнэр түһэрсиллэллэр. Ол чэрчитинэн социальнай эбийиэктэр тутуллаллар, суоллар көрүллэллэр», — диэтэ Алексей Еремеев.
Сиһилии https://ysia.ru/il-tumen-vysoko-otsenil-rabotu-pravitelstva-yakutii-za-2023-god/
This post was published on 14.06.2024 11:33 11:33