Норуот дьокутаата Александр Атласов тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбит сылларыгар «Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» судаарыстыбаннай федеральнай бырагырааманан ыытыллар үлэни сүрүннээбит, харгыстыыр кыһалҕалары иһиттэн билэр буолан, Саха Сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥэ, дойду Аартыкатааҕы түбэтигэр барыларыгар сыһыаннаах боппуруостары туруоруста.
Үс хайысха – үс тирэх
«Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» судаарыстыбаннай федеральнай бырагыраама 2020 с. олоххо киллэриллибитэ Бырагыраама үлэлиэҕиттэн, дойду үрдүнэн барыта 2,5 тыһыынча үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, успуорт, хомунаалынай уонна тыраныспар инфраструктуратын эбийиэктэрэ, 6 мөл кв миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ-уот тутуллубуттарын туһунан өссө былырыын Арассыыйа Федерациятын тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев иһитиннэрэн турар. Ону чиҥэтэн, 2023 сыл түмүгүнэн бырагыраама Арассыыйа тыатын сирин үс гыммыттан биирин хабарын туһунан ырытааччылар бигэргэппиттэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу бырагырааманан көхтөөхтүк кыттар. Бырагыраама үс хайысхалаах. Бастакы хайысха тыа сирин олохтоохторугар тупсаҕай олорор дьиэни-уоту хааччыйыыга туһуланар. Ол чэрчитинэн, тыа сиригэр дьиэ туттар биитэр атыылаһар дьоҥҥо социальнай төлөбүр, наймылаһыы дуогабарынан дьоҥҥо (үлэлии кэлбит исписэлиистэргэ) бэриллэр дьиэни тутар улуустарга көмө көрүллэр итиэннэ сэлиэнньэлэргэ саҥа кыбаарталлар тутуллаллар.
Бу хайысханан өрөспүүбүлүкэҕэ балачча элбэх олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ. Холобур, Нам улууһугар Хатас сэлиэнньэтигэр “Сэргэлээх” кыбаартал, Партизаҥҥа “Мымах” кыбаартал, Кириэс Кытылга элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталлара, Сунтаарга “Өтөөкү” кыбаартал тутуллубутара, сорохторо ситэриллэ сылдьаллар.
Иккис хайысха – тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмнээһин. Бу хайысханан тыа хаһаайыстыбатын үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэрин иитэн-үөрэтэн таһаарар Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай аграрнай технология үнүбэрситиэтэ (АГАТУ) бэркэ үлэлиир. Ол курдук, хаһаайыстыбалары кытары дуогабардаһан үөрэнэр устудьуоннарга тустаах көмө көрүллэр, ону таһынан устудьуоннар хаһаайыстыбаларга быраактыкаланар ороскуоттара толуйуллар.
Үһүс итиэннэ саамай сүрүн хайысха – инфраструктураны тэрийиигэ, сайыннарыыга сыһыаннаах. Бу хайысха икки тускуллаах.
«Тыа сирин территорияларын тупсарыы» тускулунан хас улуус ахсын уулуссалар сырдатылыннылар, бөһүөлэктэр ис-тас көстүүлэрэ тупсарылынна, оҕо оонньуур былаһааккалара, успуорт былаһааккалара, сынньанар зоналар, бөҕү тоҕо сирдэр оҥоһулуннулар, саҥа пааматынньыктар тутулунннулар, эргэрбиттэр сөргүтүлүннүлэр.
«Тыа сирин аныгы мөссүөнэ» тускулга бырагыраама харчытын 85%-а көрүллэр. Бу сыллар усталарыгар сүүрбэттэн тахса эбийиэк, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах уһуйааннар, оскуолалар, култуура кииннэрэ, успуорт саалалара тутулуннулар, тутулла сылдьаллар. Холобур, Өлөөн Дьэлиндэтигэр, Хаҥалас Улахан Ааныгар, Үөһээ Бүлүү Харбалатыгар, Сунтаар Күндэйэтигэр уһуйааннар дьиэлэрэ дьэндэстилэр.
Быйыл
Бу бырагырааманан 530,6 мөл солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 445,7 мөл солк көрүлүннэ. Барыта 10 эбийиэги тутан, ол иһигэр сороҕо ааспыт сыллартан саҕаламмыттары ситэрэн, үлэҕэ киллэрэр сорук турар.
Онон билигин «Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» судаарыстыбаннай федеральнай бырагыраама чэрчитинэн Амма улууһугар Михайловкаҕа Норуот айымньытын дьиэтэ, Алтаҥҥа култуура дьиэтэ, Үөһээ Бүлүү улууһугар Харыйалаахха биэлсэр-акушер пууна тутуллаллар. Сунтаарга бассейннаах успуор комплекса ситэриллэр.
Территориялары тупсарыы тускулунан, Дьааҥы улууһун Бала сэлиэнньэтигэр, Горнай улууһун Күөрэлээх сэлиэнньэтигэр успуор былаһааккалара, Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан сэлиэнньтигэр Ийэ искибиэрэ, уо.д.а. оҥоһуллллар.
Амма, Нам, Үөһээ Бүлүү уонна Хаҥалас улуустарыгар суол-ииһи оҥорууга 114,3 мөл. солк көрүллүбүт. Нам улууһун Кириэс Кытылыгар уонна Сунтаарга тутуллубут саҥа кыбаарталларга суолу-ииһи оҥорууга, уоту киллэрии үлэтэ салҕанар.
Улахан сугулаан
Ыам ыйын 22 күнүгэр Госдуума аграрнай боппуруостарга кэмитиэтэ «Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киириитин сокуонунан хааччыйыыга анаммыт мунньаҕы тэрийэн ыытта. Онно Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов уонна Ил Түмэн Сиргэ сыһыаннаһыыга, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин кытыннылар.
Госдуума аграрнай боппуруостарга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, академик Владимир Кашин мунньаҕы саҕалыырыгар билигин биир саамай тирээн турар соругунан тыа сиригэр дьон олохсуйар усулуобуйатын тэрийии буоларын эттэ. Онуоха социальнай инфраструктураны уонна олорор дьиэни-уоту тутууну сайыннарыы, каадырдары бэлэмнээһин, үлэ миэстэлэрин таһаарыы, сөптөөх хамнаһы хааччыйыы уо.д.а. курдук тыа сирин сайдыытыгар тыын суолталаах боппуруостары кэлимник быһаарар наадатын бэлиэтээтэ.
— Ол эрээри, «Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама суолтата төһө даҕаны улахан буоллар, ситэри үбүлэммэт. 2020 сылтан 700 млрд. солк. харчы көрүлүннэ. Ити иһин, үбүлээһин ырычааҕын арыый уларытан, бырагыраама иһигэр икки хайысханы – элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэри өйөөһүнү уонна ыччакка үлэ миэстэтин таһаарыыны чорботуохха наада, — диэтэ Владимир Кашин.
Арассыыйа Федерациятын Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кэлэр 2025 сылтан бу бырагырааманан үлэҕэ кэккэ уларытыылары киллэрэр былааннаах эбит. Ол курдук, тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, онно чугас сытар сирдэри хабан, тирэх ситим тэриллиэхтээх итиэннэ «Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа тыа сиригэр сыһыаннаах атын судаарыстыбаннай бырагыраамалары дьүөрэлэһиннэрэн үлэлиир алта сыллаах кэлим былаан оҥоһуллуохтаах.
Уларытыыны – тирэх пууҥҥа
Мунньах кыттыылаахтара бырагырааманан ыытыллар үлэ-хамнас туһунан кэпсэттилэр, суол-иис, сибээс, иитии-үөрэтии, доруобуйа харыстабын, култуура, успуор эйгэлэрин сайыннарыы курдук тыа сиригэр дьону олохсутууга, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын тэрийиигэ улахан оруоллаах хайысхалары ырытыстылар. Кэккэ этиилэри киллэрдилэр.
Ил Түмэн дьокутаата Александр Атласов судаарыстыбаннай бырагыраама «Тыа сирин аныгы мөссүөнэ» диэн тускулунан үлэни тэрийиигэ көдьүүс кэписиэнин туһаныы ньыматыгар уларытыыны бүтүн эрэгийиэҥҥэ буолбакка, болдьоҕор бүтэриллибэтэх бырайыактаах тирэх нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киллэрэргэ эттэ. Хас биирдии эрэгийиэн айылҕатын, килиимэтин уратытынан, тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар тус-туһунан усулуобуйалаах буоларын итиэннэ ол тутууну ыытыы болдьоҕор быһаччы сабыдыаллыырын быһаарда. Ону учуоттаан, мөлтөх суоллаах-иистээх, ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга (поселениеларга) кыраасдааннарга наймылаһыы дуогабарынан бэриллэр олорор дьиэни тутуу болдьоҕун икки сылынан быһарга эттэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 13 Аартыкатааҕы уонна киинтэн ыраах сытар улуустарга үрдэтиллибит кэписиэни (Чукуоткаҕа курдук) туттар ирдэнэрин ыйда. Тоҕо диэтэххэ, бу улуустарга сылы эргиччи үлэлиир суол суох, олорор дьиэ биир квадратнай миэтэрэтин сыаната ырыынак орто сыанатынааҕар быдан үрдүк. Ону таһынан, Ил Түмэн аатыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ улаханнык биһирэммит, тыа сирин олохтоохторугар олорор дьиэни тутууга (атыылаһыыга) көрүллэр социальнай төлөбүрдэргэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин кээмэйин улаатыннарарга туруоруста.
Мунньах түмүгэр киирбит этиилэри кэмитиэт былаас уорганнарын кытары үөрэтэрэ, чопчулуура быһаарылынна.
Балаһаны Раиса Сибирякова, Алексей Мавтеев бэлэмнээтилэр, Саха парламент саайт.
This post was published on 04.06.2024 11:30 11:30