Экология урукку миниистирэ, Ил Түмэн депутата Сахамин Афанасьев «Якутия. Live» телебиэриигэ Амма өрүс үөһээ тардыытыгар маһы бэлэмнээһин туһунан кэпсээтэ, суруйар «ЦУР Якутии» тэрилтэ.
«Амма эбэ бассейна күүстээх хонтуруолга тутуллар. Уопсастыбаҕа ситэ хонтуруол барбат диэн этии, маны сэргэ бу территорияны национальнай паарка статустуурга көҕүлээһин баар», — диэтэ Сахамин Афанасьев.
Кини бэлиэтээбитинэн, маннык уопут Саха сиригэр баар — «Өлүөнэ очуостарын» национальнай паарка быһыытынан билинии.
«Дьаһал сокуон быһыытынан, бары процедураны тутуһан барыахтаах. Регион баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан уопсастыбаннай истиилэр ыыьтыллаллар. Оһуобайдык харыстанар территорияны тэрийиигэ олохтоох нэһилиэнньэҕэ кыһалҕа үөскүүр — хаһаайыстыбаннай үлэҕэ хааччахтааһыннар. Бултааһын, ойуурга сылдьыы, от үлэтэ бобуллар», — диэтэ экс-миниистир.
Депутат эппитинэн, «Амма» паарканы тэрийиигэ истиилэр кэмнэригэр дьон бу хааччахтааһыннар тустарынан истэн, санааларын уларыттылар.
«Онон манна бары өттүттэн ыйааһыннаан көрөн, дьаһал ылынар ордук», — диэтэ Сахамин Афанасьев.
This post was published on 06.05.2022 15:01 15:01