2024 сылга олохтоох салайыныы хайысхатыгар Ил Түмэн 22 нуорма аахталарын ылынна, ол иһигэр 13 өрөспүүбүлүкэ сокуонун, ол туһунан регион парламенын пресс-сулууспата суруйда.
Аҕыс сокуон — олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттарыгар судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрдэ. Холобур, муниципальнай оройуоттар уонна куорат уокуруктара тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыыны өйүүргэ боломуочуйалары туттулар.
Санаттахха, тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр АПК эйгэтигэр үбүлээһин саҥа бириинсиптэрэ киирбиттэрэ.
This post was published on 17.01.2025 17:03 17:03