22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Түмэҥҥэ Саха саарына Илья Шадрин төрөөбүтэ 260 сылыгар аналлаах тэрээһин мунньах ыытылынна

15:03, 10 ноября 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев Илья Максимович Шадрин төрөөбүтэ 260 сылыгар аналлаах тэрээһин мунньаҕы ыытта. 


2018 сылга өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ общественнай, политическай деятель Илья Максимович Шадрин төрөөбүтэ 260 сылын бэлиэтиэҕэ. Кини 1758 сыллаахха Малдьаҕар нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Бэйэтин кэмигэр бары өттүнэн сайдыылааҕа, нуучча тылын билэрэ. Хаҥалас улууһун 5 Малдьаҕар нэһилиэгэр старосталаабыта. Саха сиригэр бэйэни салайыныыга хамсааһыны таһаарбыт бөдөҥ общественнай деятель. XVIII үйэ бүтүүтэ — XIX үйэ саҕаланыыта Илья Шадрин олохтоох бэйэни салайыныыга көрдөһүүлэри бэлэмнээн, хаста даҕаны Санкт-Петербург куоракка (1797 c., 1802 c., 1808 c.) бара сылдьыбыта. Онно Россия империятын ыраахтааҕыларын Екатерина II, Павел I, Александр I кытта тус көрсөн кэпсэппитэ. Ол түмүгэр (1797 с., 1802., 1808 с.) олохтоох нэһилиэнньэҕэ Иркутскай уонна Охотскай айан суолунан почта үлэтигэр икки өттүттэн сөптөөх усулуобуйаҕа чэпчэтиилэри киллэртэрбиттэрэ.

Илья Шадрин өссө Саха сиригэр православнай итэҕэл тарҕаныытыгар сүҥкэн суолталаах үлэни ыыппыта. 1814-1822 сыллардаахха Сиинэҕэ Воскресенскай таҥара дьиэтин үбүлээн туттарбыта. Инники сайдыыны өтө көрөр киһи ыччат үөрэхтээх, сайдыылаах буоларыгар кыһанара. Кинилэри Россия империятын тарбахха баттанар үөрэхтэрин кыһаларыгар киллэртээбитэ. 1800 сыллаахха Илья Максимович туруулаһыытынан император Павел I Дьокуускай куоракка духуобунай оскуола аһылларын туһунан Ыйааҕа тахсыбыта.

Кини таһаарыылаах үлэтин сыаналааннар императордар наҕараадаларынан бэлиэтээбиттэрэ. 1788 сыллаахха халлаан күөх лиэнтэлээх үрүҥ көмүс мэтээлинэн, 1799 сыллаахха Аннинскай лиэнтэлээх кыһыл көмүс мэтээлинэн уонна 1802 сыллаахха анал үрүҥ көмүс саабыланан наҕараадаламмыта. Илья Максимович Шадрин 1826 сыллаахха өлбүтэ.

«Саха сирин сайдыытын туһугар турууласпыт Саха саарынын туһунан киэҥ эйгэҕэ улахан сырдатыы тахса илик. Биһиги үбүлүөйүнэй сылыгар кинини дьоҥҥо-сэргэҕэ толору арыйан, кэпсиир ытык иэспит«, — диэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев бэлиэтээтэ.

Илья Максимович олоҕун, үлэтин сырдатар кинигэни кини 5 көлүөнэ аймахтара кыраайы үөрэтээччилэр Галина Шадрина, Юлия Дьячкова бэлэмнии сылдьаллар. Кинигэҕэ Санкт Петербурдааҕы историческай, Дьокуускайдааҕы национальнай архыыптартан, Гуманитарнай институттан хомуллубут матырыйааллар кириэхтэрэ. Киэҥ эйгэҕэ Саха саарынын туһунан теле-радио биэриилэр тахсыахтара, хаһыаттарга ыстатыйалар суруллуохтара. Үбүлүөйүнэй сыл чэрчитинэн бюст туруоруллуоҕа, Сиинэҕэ Воскресенскай таҥара дьиэтэ тутуллан аны күһүн аһыллыаҕа.

Эһиил Дьокуускай куоракка сэтинньи ыйга общественность кыттыылаах үөрүүлээх мунньах, үбүлүөйүнэй тэрээһин ыытыллыаҕа.

Мунньахха Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников, гражданскай общество сайдыытын миниистирин солбуйааччы Лена Иванова, Ил Түмэн аппараатын салайааччытын солбуйааччы Лена Заболоцкая, Хаҥалас улууһун баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Вадим Александров, Дьокуускайдааҕы Спасскай эр дьон манастыырын наместнига Никон Игумен, Хаҥалас улууһун Сиинэ нэһилиэгин баһылыга Аркадий Шадрин, аймахтара Галина Шадрина, Юлия Дьячкова, архыып, музей үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА